Никольская сельская модельная библиотека
Намская МЦБС Республика Саха (Якутия)
Адрес: Республика Саха (Якутия) Намский улус с. Никольский ул. Протопопова 14/1
E-mail: nikolsk_biblioteka18@mail.ru
Оҕо ыһыаҕа - 2024
Ыам ыйын 26 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр «Оҕо ыһыаҕа-2024» самаан сайын салаллан кэлбитин уруйдуу үөрүүлээх быһыыга- майгыга тэрилиннэ.
Маннык үтүө куҥҥэ, маннык кэрэ кэмнэ мустубут ыалдьыттарбытыгар анаан Никольскай нэһилиэгин уһуйаан уонна оскуола оҕолоро, үлэһиттэрэ уйгу- быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээн ыллам ырыа ыллаатылар, үнкүү үҥкүүлээн кэнсиэр тэрийдилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүгэр Оһуохай күнүн олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта, ол ыйаахха олоҕуран тэрээһиммит бастакы чааһын түмүгэр бары күргүөмүнэн окумалтан ылсыһан, оһуохайдаан, эһиэкэйдээн дуоһуйдубут.
Ол кэннэ бары бииргэ түһүлгэҕэ төбүрүөннээн олорон, уруҥ тунах ыьыахпыт маанылаах сандылытын амтаннаах сахалыы астарын аһаатылар.
Ыһыахпыт иккис чааһыгар уолан уолаттар, кыталык кыргыттар күен көрсөн күрэхтэстилэр: «Саха талба-мааны таҥаһа», «Сайылык оонньуулара», «Оҕунан ытыы», «Күөрчэх ытыйыы», «Сыал ытыы», «Толбоннурар уһун суһуох», Өркөн-Өй «Тыл хонуута» оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан ыытылыннылар.
Бу күн, хас биирдии дьиэ кэргэн өбүгэтин үгэһин тутуһан сахалыы сиэдэрэй таҥастанан таҥнан- симэнэн кэлбитэ киһини үөрдэр. Оҕолор, төрөппүттэр сахалыы тыыннарын илдьэ сылдьаллара киһини сөргүтэр.
Юбилей Мурзилки
«Мурзилка» – популярный детский литературно-художественный журнал, который издается с 1924 года.
Создателями журнала были Самуил Маршак, Агния Барто, Корней Чуковский, Аркадий Гайдар – целая плеяда наших известных и любимых всеми писателей и поэтов.
16 мая этого года журналу исполняется 98 лет. Назван он по имени сказочного существа – жёлтого и пушистого Мурзилки. Сегодня Мурзилка живёт на страницах журнала таким, каким нарисовал его в 1937 г. Известный художник Аминадав Моисеевич Каневский.
Современный «Мурзилка» насыщен интересными, познавательными материалами – история, достижения науки и техники, спорт, важнейшие события сегодняшнего дня. Материалы на такие темы привлекают не только юных читателей, но и их родителей.
Интересны не только детям, но и всей семье «Мурзилкины советы», «Приключения Мурзилки», самоделки, конкурсы, викторины, которые дают не только интересную информацию, призывают к творчеству, но и воспитывают полезные навыки.
Предлагаем вам ответить на вопросы онлайн-викторины по страницам детского журнала «Мурзилка».
Неделя детской книги - 2024
В нашей библиотеке прошла традиционная Неделя детской книги. Неделя детской книги отмечается в нашей стране более 80-ти лет. Самая первая неделя детской и юношеской книги прошли в Москве в далеком 1943 году, когда шла Великая Отечественная война. Под сводами Колонного зала Дома Союзов собрались дети со всей Москвы. Да, когда-то под этот праздник отдавался Колонный зал Дома Союзов и, словно на новогодней елке, персонажи сказок всех народов, детские писатели и юные читатели, образовывали широкий круг, символизировавший истинность утверждения о самой читающей стране в мире. А детский писатель Лев Кассиль назвал этот праздник Книжкиными именинами. С той поры не было года, чтобы не отмечали именины книжкам. Празднуют именины в библиотеках, потому что библиотека- это родной дом для книг: здесь они живут, сюда приходят к ним в гости читатели.
И наша библиотека тоже провела традиционную Неделю детской книги. Неделя прошла под девизом: «Открывая книгу, открываем мир!» Для ребят был вывешен план проведения недели детской книги.
- Открытие Недели детской книги. Конкурс рисунков «Мой любимый сказочный герой».
– Библиотечный урок «Книги юбиляры 2024 года».
– конкурс сочинений «Для чего нужны книги?».
– Литературная викторина «По дорогам сказок».
– Закрытие недели детской книги. Интеллектуально-познавательная игра «Поле чудес в литературной стране». Подведение итогов конкурса рисунков и конкурса сочинений. Награждение победителей.
Совместно с Никольской начальной школой мы путешествовали по сказкам, играли в интеллектуальную игру «Поле чудес в литературной стране» и вспоминали страницы любимых книг. Также был проведен конкурс рисунков «Мой любимый сказочный герой» и конкурс сочинений «Для чего нужны книги?», здесь ребята в полной мере проявили свою творчество, фантазию и порадовали нас замечательными рисунками к своим любимым сказкам. Во время проведения Недели были использованы различные формы работы.
Учащиеся с удовольствием участвовали в занимательных викторинах, веселых конкурсах. В библиотеке всю неделю царила атмосфера праздника.
Дни Недели незабываемы для читателей. Этому служат не только необычные мероприятия, но и оформление библиотеки. Выставки в нашей библиотеке менялись ежедневно. Каждый желающий мог выбрать книгу на свой вкус, полистать её в читальном зале или взять домой. Закрытие Недели детской книги прошло весело и увлекательно, на которой были награждены грамотами лучшие читатели, активные участники читательских викторин, победители конкурсов. Это мероприятие не только логически завершает Неделю, но и нацелено на воспитание стремления к чтению, на стимулирование желания учащихся читать.
Сахалар толкуйдаабыт мындыр оонньууларынан, оҕолор сынньалаҥ кэмнэригэр дьарыктанан, толкуйдуур, хамсанар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар аналлаах көмө.
Никольскайдааҕы И.С.Шарапов аатынан сири туһаныы түмэлин үлэһиттэрэ көҕүлээннэр, 2019 с. Нам улууһугар ыытыллыбыт XIIIс республикатааҕы Олоҥхо ыһыаҕар «Күн оҕолоро» оҕо түһүлгэтин аан бастаан үлэлэппиттэрэ. Ыһыахтарга саха төрүт үгэстэрин оонньуутун түһүлгэтэ (батуттарынан, аттракционнарынан эрэ муҥурдаммакка) оҕолорго баар буолуохтаах диэн санааттан тэрийбиттэрэ уонна улахан биһирэбили, сэҥээриини, махталы ылбыттара.
Саха оҕото хааныгар баар, өбүгэттэн илдьэ сылдьар үгэһин чэпчэкитик ылынан, айылҕалыын алтыһан, астына, дуоһуйа оонньообуттара. Төрөппүттэр күн сыралыттан сынньанар күлүктээх балаҕан эркинигэр олорон сынньаналлар, оҕолор түһүлгэҕэ тэлгэммит сылгы тириилэригэр сыта-олоро дуоһуйа күөлэһийэллэр, сахалыы олоппосторго, остуолларга ыытыллар оонньууларга кытталлар. Аҕам саастаах дьоммут сиэннэрин кытары сылдьан оччотооҕу оҕо саастарын оонньуурдарын көрөн – үөрэн, санаан, олус махтаммыттара.
Маннык түһүлгэлэри тэнитэр сыалтан Саха сирин улуустарыгар ыытыллар Республикатааҕы Олоҥхо ыыһыахтарыгар сахалыы оҕо түһүлгэлэрин тэрийсэн опыппытын тарҕаталлар. Ол курдук 2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар, 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олонхо ыһыахтарыгар сылдьыбыттара. 2019 сыллаахха Санкт Петербург куоракка Аан дойдутаа5ы 2 фестивальга «Снежные узоры Якутии» выставканан кыттыбыттара, 2022 сыллаахха Москва куоракка Коломинскай музей паркатыгар ЯАССР 100 сылыгар Нам улууһа юбилейнай ыһыаҕар «Кун о5олоро» түһүлгэнэн кыттыыны ылан биһирэбил ылбыттара.
Быйыл 2024 сыл муус устар ыйга Москва куоракка ВДНХҕа «Россия»Аан дойдутааҕы выставка-форумугар Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ Протопопова Женя ситиһиилээхтик кытынна.
«Күн оҕолоро» түһүлгэбитин республикаҕа, Россия атын регионнарыгар туруоран оҕо-аймах, дьон олус сэргиир, биһириир. Инникитин республикабытыгар, ыһыахтыыр паркаларга маннык сахалыы оҕо түһүлгэтин туруоралларыгар ыҥырабыт уонна үлэлэһэргэ бэлэммит.
«Ийэ тылбыт-бар5а баайбыт»
саха тылын нэдиэлэтэ көхтөөтүк ааста
Олунньу 13 күнүн- Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн-Саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах учуонай-лингист төрөөбүт күнүн- көрсө оскуолабытыгар «Ийэ тылбыт-бар5а баайбыт» диэн саха тылын нэдиэлэтэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста. Нэдиэлэ буруонан ыраастаныы сиэринэн-туомунан, алгыстаах алаадьынан, бары о5олору учууталлары, үлэһиттэри күндүлээһинтэн са5аланна.
Сиэр-туом кэнниттэн А.С.Новгородовка,тыл үөрэхтээхтэригэр, саха тылыгар аналлаах кылаас чаастара ыытылыннылар. Олохтоох библиотека үлэһитэ Ларионова В.Н. Сир музейын үлэһитэ Протопопова С.Н., Никольскай алын сүһүөх оскуола учууталлара, Оҕо уһуйаанын уһуйааччылара интэриэһинэй кылаас чаастарын ыыттылар. Уһуйаан оҕолорун тереппүттэрэ Саха народнай поэт Семен Петрович Данилов Саха саҥата диэн хоһоонун ааҕан тэрээһини киэргэттилэр. Ону таһынан Уһуйаан оҕолоро Эриэппэ нуучча остуоруйатын сахалыы саҥардан тетрализованнай көрдөрүү туруоран сэргэхситтилэр.
Олунньу 13 күнүгэр «Таптыыр сахам тылынан» алын кылаас о5олоругар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи акция буолан ааста, уопсайа 11 оҕо кыттыыны ылла.
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩Олкнньу ый 22 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр Е. И. Бубякина аатынан "Күндүл" норуот айымньытын дьиэтигэр Саха сиригэр пионерскай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир "Пионерия умнуллубат сырдык өйдөбүлэ" диэн ааттаах торжественнай линейка буолла. Тэрээһиннэ нэьилиэк тэрилтэлэрэ "Веснянка" оҕо уһуйаана заведующей А. П. Иванова, Никольскай начальнай оскуолата директор М. И. Шадрина, "И.С.Шарапов" аатынан сир музейа директор П. Р. Протопопова нэһилиэк библиотеката заведующей В. Н. Ларионова олохтоох администрация баһылык А. К. Кривогорницын нэһилиэк олохтоохторо активнай кыттыыны ыллылар. Линейканы "Ю.А.Гагарин" аатынан пионерскай отряд председатель Никольскай нэһилиэгин начальной оскуолатын директора М. И. Шадрина салайыылаах тэрээһини арыйда. Иккис отрядынан Богдан Мастов командирдаах "Полярная звезда" НСОШ -2 И. Д. Григорьева салайааччылаах киирдэ. Пионерскай знамяны күөрэччи тутан киллэрдилэр олохтоох дьаһалта улэһиттэрэ нэһилиэк баһылыгын: солбуйааччы С. И.Винокуров, сүрүннүүр специалист Е. Протопопова, барабанщик эдэр ыччат лидера А.Б. Кириллин. Салгыы ол кэмнэргэ төлөөннөөх октябреноктар, эрчимнээх пионердар, хорсун комсомоллар, патриот улэһиттэр Е. Р.Леонтьев- үлэ, тыыл ветерана, Саха Республикатыгар тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Нам улууьун, Хамаҕатта нэьилиэгин "Ытык киһитэ", Л. Л. Охлопкова - үлэ ветерана, Никольскай нэһилиэгин " Ытык киһитэ", М. И. Шадрина - Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Никольскай нэһилиэгин "Ытык киһитэ" уонна ыалдьыт"Полярная звезда" поисковай отряд салайааччыта И. Д. Григорьева бэрт интириэһинэй ахтыы онордулар. Ахтыыны салайан ыытта нэһилиэк баһылыга А.К.Кривогорницын.
"100 лет Пионерии в ЯАССР" "И.С Шарапов аатынан музей уонна олохтоох библиотека, ыҥырыылаах ыалдьыттар " Полярная звезда" отряд "Трофеи поисковых работ олус интириэьинэй быыстапкалары туруордулар.
Торжественнай линейка "Взвейтесь кострами"пионерскай гимынан түмүктэннэ. " Торжественнай линейканы уус- уран салайааччы К. К. Герасимова, нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ В. Н. Ларионова илээн-саҕалаан ыыттылар,музыкальнай фоннары онордо хормейстер М. К. Олесова. 🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
23 ноября – 115 лет со дня рождения Николая Николаевича Носова (1908–1976) — русского советского детского писателя, прозаика, киносценариста, драматурга. Рассказы Николая Носова — весёлые, поучительные, динамичные, насыщенные неожиданными комическими ситуациями. Написанные в послевоенные годы, они до сих пор не потеряли своей актуальности. Уважаемые читатели! Предлагаем Вам принять участие в онлайн викторине, вспомнить произведения Николая Носова и их озорных героев.
М.Е. Николаев
13 ноября – День рождения Первого Президента РС(Я) Михаила Ефимовича Николаева
Михаил Ефимович видный государственный, политический и общественный деятель Российской Федерации и Республики Саха (Якутия).
Его имя входит в когорту известных региональных лидеров России, внесших большой личный вклад в дело сохранения единства Российской Федерации, строительство федеративного государства на основе конституционно-договорных отношений в период становления суверенного Российского государства.
«Эн, Комсомол, мин дьолум!» — бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына-дуоһуйа истэллэр. Сэбиэскэй кэм саҕана комсомоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ, этэргэ дылы, хайаны да түҥнэри көтөр кыахтаахтара. Бүгүн — Комсомол төрүттэммит күнэ! Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк библиотекатын атыттан аҕам саастаах дьоммутун ис сүрэхпититтэн комсомол күнүнэн итиитик-истиҥниҥ эҕэрдэлиибит!
«Аата ааттанар, ырыата ылланар» онлайн-викторина по творчеству и жизни П.А.Ойунского, посвященный к 130-летию со дня рождения
Платон Алексеевич Ойунский — удивительно разносторонний, талантливый человек. Он был выдающимся поэтом, прозаиком, драматургом, фольклористом, лингвистом, государственным, политическим деятелем. Он умел сочетать огромную общественную и государственную деятельность с кипучей творческой деятельностью. Предлагаем школьникам и их родителям, и тем кому интересна жизнь и творчество П. А. Ойунского пройти онлайн-викторину, посвященную к 130-летию со дня рождения Платона Алексеевича Ойунского "Аата ааттанар, ырыата ылланар" Приятного прохождения онлайн-викторины. Удачи!
Из поколенья в поколение в народе так ведётся,
История страны из уст в уста передаётся,
День Октябрьской Революции сегодня отмечаем мы,
Величен и велик образ истории страны.
С праздником Октябрьской Революции хочу я
Вас поздравить, Много счастья и удачи пожелать,
Здоровья крепкого, уюта и тепла,
В добре и мире жить, никогда не унывать.
Поздравляем с Днем матери и Днем отца!
Женская мудрость, любовь и нежность - то, что помогает нам вырастать и становиться теми, кто мы есть. Мамы - наша тихая гавань, надёжный тыл и поддержка. На протяжении всей жизни материнская вера, забота и ласка - источник силы как в детстве, отрочестве, так и во взрослом возрасте.
Огромная вам благодарность и почёт за вложенные силы и безусловную любовь! От души желаем всем мамам крепкого здоровья! Мамы для нас всегда самые красивые, самые драгоценные и родные! Счастья, благополучия и долгих лет жизни!
Быть отцом – непростая задача, это значит нести постоянную ответственность. Но также это значит всегда быть любимым и нужным. Для сыновей отец – пример для подражания и герой, для дочерей – гордость и идеал мужчины. Вы для семьи опора, мудрый советчик, спокойная уверенность и надежность. Спасибо, что вы есть!
Пусть всегда вас окружает забота и уважение детей, согревает любовь близких. Чтоб сердце было вечно молодым, а разум ясным. Здоровья, процветания и достатка!
Библионочь - 2023
23 мая 2023г. Никольская модельная сельская библиотека присоединилась к Всероссийской акции «Библионочь-2023»
"БИБЛИОПИКНИК"
Библиотека оформила книжную выставку «Народы Якутии». Мероприятие открыли с обряда «Алгыс». Для детей Никольской начальной школы праздничное мероприятие начали с соревнования по якутским настольным играм «Кун о5олоро». В якутском балагане Ветеран труда Осипова Валентина Васильевна показала демонстрацию приготовлении якутской национальной блюды саламат и оладьи на комельке в углях . Колесова Екатерина Романовна ветеран нашей библиотеки провела обряд кумысопития. Гости нашего мероприятия члены народного ансамбля «Дьурул» Мария Аргунова и Татьяна Афанасьнва провели мастер класс на инструменте хомус. Так же наши гости в конце мероприятии украсили праздник древним танцем осуохай.
"БИБЛИОПОЛЕ"
26 мая С годом Труда в РС(Я) провели совместно с Никольским музеем землепользования им. И.С. Шарапова «Посев зерновых». Библиотекарь нашего села провела квиз-игру «Хлеб-всему голова»для учеников 3 класса Хатын-Арынской школы, классный руководитель Людмила Васильевна Винокурова. Работники музея провели урок истории «Посев в Никольской слободе» и демонстрировали посев по старой методике вручную. В якутском балагане провела чаепитие у самовар с оладушкой из тагана камелька ветеран нашего села Осипова Валентина Васильевна. После чаепития Валентина Васильевна украсила мероприятие древнейшим эпическим искусством якутов олонхо "Кулун Куллустуур" Теплоухов-Тимофеев И.Г. Гости из Хатын-Арынской школы в знак благодарности выступали музыкальными номерами и подарили саженец бузины. Танцевали хоровод символ всеобщего единения детей «Кончил дело - гуляй смело».
24 мая в Никольской модельной сельской библиотеке прошла пятая сетевая акция #Силакниги, посвященная Году педагога и наставника в России.
В этом году в качестве чтеца выступил Отличник культуры РС(Я) библиотекарь Семенова Сардана Николаевна.
В акции приняли участие учащиеся Никольской начальной общеобразовательной школы. Сарадана Николаевна прочла отрывок из книги Сергеева Леонида Анатольевича "Первый урок". С детьми поговорили на тему чтения, как чтение может помогать не только в учебе, но и в жизни в целом. В завершении мероприятия Сардане Николаевне был вручён сертификат чтеца.
Благодарим всех участников акции, желаем, чтобы чтение всегда было частью вашей жизни!
Ыам ыйын 15 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыгар, Н.С.Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназия саха тылын уонна литературатын учууталларын холбоһугун кытта, 3-6 кылаас төрөппүттэригэр “Сахалыы ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕэ ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн Елизавета Дмитриевна, Виктория, Андрей Герасимовтар кыттыыны ылан 2 миэстэни ситистилэр.
Күрэх балаһыанньанан 4 түһүмэхтэн турда: 1 түһүмэх Дьиэ кэргэн ааҕыытын туһунан видеоролик, (дьиэтээҕи сорудах), 2 түһүмэх бэриллибит хоһоону оҕо дорҕоонноохтук ааҕар, төрөппүттэр саха суруйааччыларын
айымньыларыттан ааҕаллар, 3 түһүмэх «Отонноотоххо оҥоойук туолар“ кыттааччылар 10 ыйытыыга хоруйдууллар, 4 түһүмэх Оонньоон көрдөрүү (инсценировка). Дьиэ кэргэн сөбүлээн ааҕар айымньытыттан быһа тардан оонньоон көрдөрөр – финал. Хас түһүмэх ахсын дьүүллүүр сүбэ тута түмүк балларын таһааран истилэр, ол түмүгүнэн финалга 2 үрдүк баллаах кыттааччы хаалан “Учуутал” туһунан саха суруйааччыларын айамньыларыттан — кэпсээннэртэн талан ылаат тута ааҕыыларын түмүгүнэн кыайыылаах тахсан кэллэ.
Сиһилии сигэни баттаан аах.
28 марта 2023 года исполняется 155 лет со дня рождения Максима Горького.
Максим Горький (настоящие имя и фамилия — Алексей Максимович Пешков) — русский советский писатель, поэт, прозаик, драматург, журналист, публицист и общественный деятель. К этой знаменательной дате в Никольской сельской библиотеке оформлена книжная выставка «В гостях у Максима Горького». На выставке представлены произведения писателя, многие из которых входят в школьную программу по литературе. А также книги о жизни и творчестве писателя.
Литературная гостиная к 110 - летию со дня рождения С. Михалкова "Путешествие с Страну Сергея Михалкова"
Стихи Сергея Михалкова знает не одно поколение россиян. Провести в компании весёлых друзей, героев произведений С. Михалкова, 14 марта в литературной гостиной "Добрый, веселый талант" Никольской сельской модельной библиотеке собрались учащиеся Никольской начальной школы.
Ребят встретила масса удивительных фактов из жизни Сергея Владимировича. Они узнали о том, что он не только поэт и прозаик, сказочник и баснописец, но и видный общественный деятель, лауреат многих государственных премий. Ученики вспомнили и читали отрывки из его произведений "Дядя Степа". Образ поэта неотделим от образа самого знаменитого дяди Стёпы. Дети, подпевая, прослушали песню. Завершилось мероприятие просмотром мультфильма "Дядя Степа милиционер".
Кулун тутар 3 күнүгэр Никольскайдааҕы сир музейа уонна олохтоох библиотека оҕолорго анаан Ржев аннынааҕы кыргыһыы 80 сылыгар аналлаах тэрээһин ыытылынна. Сүрүн хайысхата кэлэр көлүөнэ ыччат байыаннай-патриотическай санааҕа иитии. Ол чэрчитинэн Намнааҕы 2 нүөмэрдээх оскуола учуутала Ирина Дмитриевна Григорьевна салайааччылаах Полярная звезда поисковай этэрээт булбут Ржев куоратын көмүскүүр сэрии толоонуттан көстүбүт бойобуой экспонаттар быыстапката турда уонна Леонтьев Егор Романович, 2013 сыллаахха Ржев куоракка Нам улууһуттан хомуллан барбыт делегация кыттыылаҕа кэлэн ыалдьыттаан оҕолор интэриэстэрин тарта.
Национальный день Здоровья в РС(Я)
В последнее воскресение февраля в республике отмечается Национальный День Здоровья.
Этот день был учрежден в 2000-м году первым президентом республики Михаилом Николаевым для утверждения здорового образа жизни в каждой семье, трудовом коллективе и республике в целом, признавая первостепенную роль духовного, нравственного и физического здоровья в повышении благосостояния народа в XXI веке.
В Никольской сельской модельной библиотеке провели час информации для школьников Никольской начальной школы о Здоровье и Здоровом образе жизни. Была оформлена книжная выставки «Здорово быть здоровым», где представлена литература о здоровом образе жизни, правильном питании, лечебной физкультуре, красоте. соблюдения режима питания.
Перед ними выступил фельдшер Никольского наслега Беленков Уйгун Герасимович, разговор шёл об основах здорового образа жизни, а именно о том, что для сохранения и укрепления здоровья необходимы оптимальный режим работы и отдыха, сбалансированное питание, достаточная двигательная активность, отсутствие вредных привычек, а также позитивное отношение к жизни.
Ахсынньы 22 күнүгэр уһулуччулаах государственнай-политическай үлэһит, Сибииргэ сэбиэскэй былааһы олохтоспут Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах "Максим Аммосов оҕо сааһа" олохтоох библиотекаҕа урок буолан ааста.
Сегодня, 9 декабря ко Дню героев Отечества в Никольской сельской модельной библиотеке прошел урок мужества по патриотическому воспитанию "Солдат войны не выбирает" - встреча с ветеранами боевых действий для учеников 2-4 классов.
Наши приглашенные гости: Авксентьев Роман Романович служил в 14-й отдельной бригаде специального назначения ГРУ ГШ,
снайпер-разведчик, рядовой ВБД; Васильев Владислав Валентинович, пенсионер МВД, майор полиции в отставке, старший сержант, механик водитель САУ 2С1.
Ребята внимательно слушали рассказ как они служили в горячей точке, задавали очень много разных вопросов, на которые получали подробные ответы. Урок оказался интересным и поучительным.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн "Олоҥхону ааҕабыт" акция. Е. Г. Охлопков-Буоратай "Алантай боотур" олоҥхоттон быһа тардан ааҕыы.
В честь юбилейной даты М. Е. Николаева в республике во всех образовательных организациях и библиотеках 11 ноября прошли “Уроки Первого Президента” - “Знанием Победишь!”
В Никольской библиотеке прошел урок "Мой первый Президент-Михаил Ефимович Николаев" для учащихся 3-4 классов.
«Норуот элбэх - дойду биир» диэн бэргэн этиинэн, Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн, «Большой этнографический диктант» Норуоттар икки ардыларынааҕы акция быйыл сэттис төгүлүн сэтинньи 3 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр дылы ыытылынна.
Бу акция чэрчитинэн, Никольскайдааҕы олохтоох администрация, "Күндүл" НАДЬ, Сир музейын үлэһиттэрэ, ону таһынан 8 кылаас үөрэнээччитэ Женя Протопопова сэтинньи 8 күнүгэр Никольскай библиотекатыгар кэлэн диктант суруйан бэйэлэрин билиилэрин холонон көрдүлэр.
Диктант сорудаҕа тест көрүҥүнэн бэриллибит, барыта 30 ыйытыылаах. Муҥутуур 100 баалтан, И. С. Шарапов аатынан сир музейын директора, Прасковья Романовна Протопопова 95 баалы ылан, бэйэтин киэҥ билиитин көрдөрдө, оҕолортон соҕотох кыттыбыт Женя Протопопова 60 баалы ылла. Диктаҥҥа кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.
Алтынньы ый сонуннара.
Новости библиотеки.
1. Аҕам саастаахтар декадаларыгар анаан начальнай кылаас оҕолоругар литературнай час "Про бабушек и дедушек" ыытылынна. Манна 1-2 кылаас оҕолоро уруһуйдаан, 3-4 кылаас оҕолоро аппликациянан эбээлэригэр, эһээлэригэр бэлэх оҥордулар.
2. 4-с кылаас оҕолоро "Лечим книжки" библиотечнай урокка адьаммыт, хайдыбыт кинигэлэри абырахтыырга үөрэннилэр. Таарыйа кинигэлэри оҥорон үөрдүлэр, астыннылар.
1. Саха сирин Ийэ күнүн бэлиэтээн “Ийэ баар буолан...” ийэлэр икки ардыларыгар брейн-ринг интеллектуальнай оонньуу ыытылынна. "Кэскилээнэ" уонна "Тапталлаана" хамаандалар күөн көрсүүлэрин түмүгүнэн "Кэскилээнэ" хамаанда кыайыылаах таҕыста. Хас биирдии кыттааччыга "Күндүл" НАДЬ үлэһиттэрэ сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
2. 2-с, 3-с кылаас оҕолорун кытта Ийэ уонна Аҕа күннэрин чэрчитинэн төрөппүттэрин идэлэрин, үлэлэрин туһунан кэпсэттибит. Ол кэннэ оҕолор "Про профессии" мультфильм көрөн сэҥээрдилэр, сэргээтилэр.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха республикатын судаарыстыбаннас уонна суверенитет күнүгэр аналлаах "Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай." диэн өй оонньуутун олохтоох библиотека, Е. Бубякина аатынан "Күндүл" НАДЬ үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Никольскайдааҕы начальнай оскуола уонна олохтоох администрация коллективтара бу оонньууга күөн көрүстүлэр. Тэрээһин бастакы чааһыгар "Күндүл" директора Е. Д. Баишева начальнай оскуола коллективын кэлэн иһэр Учууталлар күннэринэн эҕэрдэ тылын кытта бэлэҕин туттарда.
"Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай " оонньуу тыҥааһыннаах киирсиитин түмүгүнэн учууталлар коллективтара ("Кустук" хамаанда) Муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ. Олохтоох администрация коллектива ("Тускул" хамаанда) олох кыра очконан хаалан иккис миэстэҕэ тигистэ.
Урок патриотизма «Республика, в которой мы живем!», приуроченный ко Дню Государственности РС(Я)
(3-4 классы)
Сегодня, 26 сентября прошел час истории по патриотическому воспитанию «Республика, в которой мы живем!", приуроченный ко Дню Государственности Республики Саха (Якутия) Учащиеся узнали много интересного о республике Якутии, о государственных символах страны. Познакомились с книжной выставкой.
"Күндүл" НАДЬ иһинэн арыллыбыт "Кэнчээри" сайыҥҥы ырыа лааҕыра үлэтин саҕалаата. Оҕолор лааҕырга ырыа, үҥкүү үөрэтэллэр, араас оонньууларга кытталлар, библиотекаҕа сылдьан кинигэ, сурунаал арааһын көрөллөр, остуоруйа истэллэр, билиилэрин хаҥаталлар.
Бэс ыйын 2 күнүгэр Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт "Сир симэхтэрэ" кыыс оҕолорго күрэх түгэннэриттэн.
Стихи, посвященные читателям и библиотекарям.
Национальная библиотека РС(Я) при поддержке Министерства культуры и духовного развития РС(Я) проводит 4-ю Сетевую акцию #СилаКниги. В рамках акции во всех библиотеках республики в единый день – 27 мая к Общероссийскому дню библиотек – матери выступают в качестве чтецов - читают вслух отрывки из своих любимых произведений. Суть акции – чтение детям вслух в стенах библиотеки.
Сегодня у нас, в Никольской сельской модельной библиотеке прошла 4-я Сетевая акция #СилаКниги, посвященная Году Матери в Республике Саха (Якутия). Чтецом выступила молодая мама двоих детей, фармацевт Аптеки №8 с. Намцы, Мария Александровна Колосова, а слушателями – ученики 3-го класса Никольской начальной школы (кл. рук. Нератова С. Е.).
Ребята внимательно и с интересом слушали эвенкийскую сказку «Кукушка» («Кэҕэ»), отвечали на вопросы, рассказали как они помогают маме. Некоторые дети даже умеют готовить. В конце акции всем участникам вручили сертификаты.
В рамках проекта "100-летие Никольского сражения" Никольской сельской модельной библиотеки, приуроченный к 100-летию Никольского боя совместно с Никольским музеем землепользования им. И. С. Шарапова провели улусный заочный конкурс выступлений "Этот день в истории" на тему гражданской войны для старшеклассников и студентов. Участвовали в конкурсе всего 4 ученика:
Бочкарев Слава, ученик 9 класса Кобяконской СОШ - Диплом лауреата. Тема работы: "Нераскрытая страница жизни моего прадеда Степана Гаврильевича Бочкарева";
Петров Айылҕан, ученик 8 класса Партизанской СОШ - Диплом (2 место). Тема работы: "Кыһыл партизаннар";
Бочкарев Айтал, ученик 7 класса Кобяконской СОШ - Диплом (3 место). Тема работы: "Гражданскай сэрии кэмигэр буолбут улахан кыргыһыылар";
Бочкарев Архан, ученик 6 класса Кобяконской СОШ - Диплом. Тема работы: "Кобяконский наслег Намского улуса в годы гражданской войны";
И в знак благодарности за участие Благодарственными письмами награждены руководители участников:
Бочкарева-Жиркова Елена Егоровна, учитель истории Кобяконской СОШ, Бочкарева Евдокия Николаевна и Муксунов Роберт Васильевич, учитель географии Партизанской СОШ.
Искренне поздравляем всех участников!
Также, для учеников начальных классов провели Конкурс рисунков и композиций из пластилина на тему гражданской войны.
Участвовали ученики Никольской начальной школы с 1класса по 4 класс.
В конкурсе композиций из пластилина победителем стал Ефимов Андриан, ученик 4 класса и награжден ДИПЛОМОМ ЛАУРЕАТА.
В конкурсе рисунков ДИПЛОМАМИ ЛАУРЕАТА награждены: Фетистова Кристина, ученица 3 класса, Винокурова Айыллаана, ученица 2 класса и Нератов Дамир, ученик 2 класса.
Все участники конкурса награждены ДИПЛОМАМИ и призами. Классным руководителям вручены Благодарственные грамоты.
Работы детей можете посмотреть нажав на кнопку
Муус устар 26 күнүгэр Саха Республикатын күнүн, Республикабыт өрөгөйдөөх 100 сылын, биллиилээх политическай-государственнай деятель М.К. Аммосов 125 сылын уонна Никольскай сиригэр буолбут кыргыһыы 100 сылын көрсө араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, бу күн сахалыы таҥастаах нэһилиэк аҕа баһылык планеркатыттан саҕаланна. Онтон 11.00 чааска бары хомуллан Никольскай кыргыһыытыгар охтубут буойуннары кэриэстээн тутуллубут "Үс ыстыык" уонна "Мэҥэ таас" өйдөбүнньүктэргэ тиийдибит, Манна Никольскай МТ аҕа баһылыга Алексей Кривогорницын уонна нэһилиэк депутата Григорий Потапов эҕэрдэ тыл эттилэр. Аҕа баһылык Алексей Карлович бу күҥҥэ анаан суруйбут "Убайдарбыт уруйдара" хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Манна кэлбит дьон өйдөбүнньүктэргэ сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Тэрээһиҥҥэ "Күндүл" НАДЬ, олохтоох администрация, библиотека, И.С. Шарапов аатынан Сири туһаныы музейын (дир. П.Р. Протопопова), "Веснянка" оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, начальнай школа үөрэнээччилэрэ, учууталлара (дир. М.И. Шадрина) бары сахалыы таҥнан-симэнэн көхтөөхтүк кытыннылар.
Тэрээһин Никольскай нэһилиэгин олохтооҕо Валентина Осипова таһаарыытынан "Өрөгөй" оһуохайынан түмүктэннэ.
Ону тэҥэ, начальнай оскуола оҕолоругар "100 фактов о Якутии" диэн СР Национальнай библиотеката оҥорбут медиа-урок уонна олохтоох библиотекаҕа тэрилтэлэр икки ардыларыгар "Сахан сирин историятын төһө билэҕин?" диэн брейн-ринг ыытылынна. Брейн-ринг интеллектуальнай оонньуу түмүгэр "Веснянка" оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ кыайыылааҕынан таҕыстылар.
Муус устар 22 күнүгэр Никольскайдааҕы "Быйаҥ" балаҕаҥҥа Никольскай нэһилиэк олохтооҕо, норуот эмчитэ Александр Саввич Эверстов - эмчит Өлөксөөндүр "Айылҕаттан күүс ылан..." диэн маҥнайгы кинигэтин сэргэх сүрэхтэниитэ буолан ааста. Дьоро киэһэни "Забота-Арчы" хаһыат суруналыыһа Екатерина Бястинова иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһин саҕаланыытыгар Никольскай нэһилиэгин аҕа баһылыга Алексей Кривогорницын киирии тыллаан Аал уоту оттон, алгыс этэн, кэлбит ыалдьыттары арчылаан көрүстэ. Өлөксөөндүр кыргыттара Үрүҥ илгэлээх биэ кымыһынан айах тутан күндүлээтилэр. Быйылгы "Саҥа ырыа" интерактивнай күрэх кыттыылааҕа Михаил Спиридонов сөҥ куолаһынан ыллаан сахалыы ырыаларынан тэрээһини киэргэттэ.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар "Кыым" хаһыат суруналыыһа Саргылана Багынанова, "Киин куорат" суруналыыһа Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, Никольскай нэһилиэк аҕа баһылыга Алексей Кривогорницын, норуот маастардара Мария Аманатова, эмчит маҥнайгы учуутала Иннокентий Готовцев, ону тэҥэ кэлбит ыалдьыттар ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ тылларын, ырыа да ыллаан, сахалыы чороонноох үҥкүү да үҥкүүлээн оннооҕор узбескай хоһоон ааҕан бэлэх ууннулар. Александр Саввичка, кини алгыстаах мааһынан хамсык ыарыыттан эмтэнэн үтүөрэн үөрэ-көтө сылдьалларыттан үөрэн, астынан махтаннылар.
Эмчит Өлөксөөндүр республикабыт элбэх киһитин бэйэтэ оҥорбут алгыстаах мааһынан эмтээн атаҕар туруорбут улахан өҥөлөөх.. Республика араас муннуктарыттан эмтэнэ кэлээччилэр Никольскай нэһилиэгэр үксүлэрэ маҥнайгыларын хардыылаан нэһилиэк историятын Өлөксөөндүртэн сураһан, ыйытан, үгүс саҥаны билэн астынан, эмтэнэн туйгун туруктаах дойдуларын булаллар. Бу дьон видеоҕа устан махталларын, эҕэрдэлэрин ыыппыттарын иһиттибит, көрдүбүт. Дьоро киэһэ түмүгэр Александр Саввич уҥа илиитэ, тапталлаах кэргэнэ Наталья Николаевна кэлбит ыалдьыттарга барыларыгар махтал суруктары кытта саҥа кинигэни бэлэх уунан үөртэ. Ыҥырыылаах дьон эмчит сахалыы итэҕэлигэр сүгүрүйэн, инникитин да ситиһиилэри баҕаран тарҕастылар.
Саха АССР төрүттэммитэ 100, Нам улууһун биллэр олоҥхоһута Егор Герасимович Охлопков-Буоратай 125 сылларыгар аналлаах "100 балаҕаҥҥа 100 олоҥхо истии" бырайыак чэрчитинэн Никольскай нэһилиэгин балаҕаныгар олоҥхо истии ыытылынна. Кыра кылаас оҕолоро, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ мустан Ньургустаана Лебедева толоруутугар Е.Г.Охлопков-Буоратай "Ала кэрэ аттаах Алантай Боотур" олоҥхотун иһийэн олорон сэргии иһиттилэр. Нэһилиэк аҕа баһылыга Алексей Карлович кэлбит дьону-сэргэни минньигэс алаадьынан, уохтаах кымыһынан күндүлүү көрүстэ.
Салгыы төгүрүк остуол тула олорон инники кэскиллээх былааннары ылыныы туһунан сүбэлэстилэр, кэпсэттилэр.
никольскайдааҕы кыргыһыы 100 сыла
Кулун тутар 24 күнүгэр Намнааҕы А. Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Никольскайдааҕы И. С. Шарапов аатынан сири туһаныы музейа (дир. П. Р. Протопопова) "Күүспүтүн түмүөҕүҥ" диэн Никольскайдааҕы кыргыһыы 100 сылын көрсө ыҥырыы марафон-акцияны арыйда. Бу акция бэс ыйын 23 күнүгэр диэри ыытыллар.
Биир күннээҕи марафон түмүгүнэн 40 700 солк. киирдэ.
Нам улууһун олохтоохторун, Намтан төрүттээх бары дьоммутун-сэргэбитин марафон акцияҕа актыыбынайдык кыттын, туора турумаҥ диэн ыҥырабыт! "Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ!"
Никольскай кыргыһыытын 100 сылыгар уонна М. К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан олохтоох библиотека иһинэн үлэлиир "Чародеи" театральнай кружок оҕолоро хоһоон ааҕалларын көрөргүтүгэр-истэргитигэр ыҥырабыт.
Кулун тутар 23 күнүгэр Никольскайдааҕы "Веснянка" уһуйаан уһулуччулаах политическай государственнай деятель М. К Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналаах челленджка кытынна, ону тэҥэ уһуйаан иитиллээччилэригэр "Максим Аммосов оҕо сааһа" библиотечнай иһитиннэрии буолан ааста.
К Дню народных мастеров в РС(Я), совместно с Никольским музеем землепользования им. И. С. Шарапова провели познавательный урок-экскурсию для учащихся начальной школы “Народные мастера долины “Эҥсиэли”. Школьники внимательно слушали рассказ сотрудника музея С. Н. Протопоповой и с большим интересом смотрели выставленные работы народных мастеров Федоровой Марии Петровны и Тимофеевой Веры Васильевны. Дети с энтузиазмом рассказывали свои любимые занятия, активно отвечали и задавали встречные вопросы.
3 декабря при библиотеке начал работу детский театральный кружок "Чародеи" под руководством Алексея Карловича.
Сегодня, 22 октября, гостями нашей библиотеки стали ученики 2 класса. Для них провела библиотечный урок "Добро пожаловать в библиотеку!"
Второклассники познакомились с основными правилами пользования библиотекой и с библиотечным фондом.
Показала как на стеллажах «живут» книги. Каждая книга имеет свой адрес и расставлены они в алфавитном порядке. Поэтому, возвращать их нужно на свои места, чтобы они не потерялись. А адреса книгам присваиваются в зависимости от их содержания и автора. Затем ребята познакомились со специальными книжечками – читательскими формулярами.
Познакомившись с абонементом и его фондом, дети всем классом отправились в читальный зал, здесь они познакомились с книгами и журналами. Еще они обратили внимание, какие интересные энциклопедии есть в читальном зале.
Ребята охотно разгадывали загадки про сказки, назвали все загаданные сказки, увлеченно рассматривали предложенные им книги и журналы.
В заключении, пригласила записаться всех ребят, и они взяли домой книжки почитать.
📖Любовь к книге нужно прививать с раннего детства. Выражаем благодарность педагогам, приходите к нам еще!
Библиотечный урок-беседа "Я-читатель" для учащихся 3 класса Никольской начальной школы.
Школьники познакомились и укрепили свои знания с основными правилами пользования библиотекой и с библиотечным фондом.
📖 С большим интересом слушали рассказ "Сэттэ кыыс оҕо", посв. ко Дню матери и активно отвечали на вопросы. Затем дети увлеченно рассматривали предложенные им книги и журналы, некоторые из них взяли домой почитать.
ПРИГЛАШАЕМ и вас в библиотеку за книгами. У нас есть что почитать и посмотреть.
12 мая в с. Никольский состоялась торжественная передача символа юбилейной эстафеты 150- летия системы образования Намского улуса.
Кубок эстафеты был принят заведующей д/с с. Никольский, Винокуровой П.С. от д/с "Кытылчаан" с. Хамагатта, после проведения мероприятий в д/с "Веснянка" и в МКОУ "Никольская НОШ" директор школы Шадрина М.И. торжественно передала кубок делегации МБОУ "Партизанской СОШ".
Глава наслега А. К. Кривогорницын поздравил всех собравшихся с этим знаменательным событием. На мероприятии, сельской библиотекой и музеем землепользования им. И.С. Шарапова была организована выставка, приуроченная к
150 - летию системы образования в Намском улусе.