Никольская сельская модельная библиотека
Намская МЦБС Республика Саха (Якутия)
Адрес: Республика Саха (Якутия) Намский улус с. Никольский ул. Протопопова 14/1
E-mail: nikolsk_biblioteka18@mail.ru
Оҕо ыһыаҕа - 2024
Ыам ыйын 26 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр «Оҕо ыһыаҕа-2024» самаан сайын салаллан кэлбитин уруйдуу үөрүүлээх быһыыга- майгыга тэрилиннэ.
Маннык үтүө куҥҥэ, маннык кэрэ кэмнэ мустубут ыалдьыттарбытыгар анаан Никольскай нэһилиэгин уһуйаан уонна оскуола оҕолоро, үлэһиттэрэ уйгу- быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээн ыллам ырыа ыллаатылар, үнкүү үҥкүүлээн кэнсиэр тэрийдилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүгэр Оһуохай күнүн олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта, ол ыйаахха олоҕуран тэрээһиммит бастакы чааһын түмүгэр бары күргүөмүнэн окумалтан ылсыһан, оһуохайдаан, эһиэкэйдээн дуоһуйдубут.
Ол кэннэ бары бииргэ түһүлгэҕэ төбүрүөннээн олорон, уруҥ тунах ыьыахпыт маанылаах сандылытын амтаннаах сахалыы астарын аһаатылар.
Ыһыахпыт иккис чааһыгар уолан уолаттар, кыталык кыргыттар күен көрсөн күрэхтэстилэр: «Саха талба-мааны таҥаһа», «Сайылык оонньуулара», «Оҕунан ытыы», «Күөрчэх ытыйыы», «Сыал ытыы», «Толбоннурар уһун суһуох», Өркөн-Өй «Тыл хонуута» оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан ыытылыннылар.
Бу күн, хас биирдии дьиэ кэргэн өбүгэтин үгэһин тутуһан сахалыы сиэдэрэй таҥастанан таҥнан- симэнэн кэлбитэ киһини үөрдэр. Оҕолор, төрөппүттэр сахалыы тыыннарын илдьэ сылдьаллара киһини сөргүтэр.
Юбилей Мурзилки
«Мурзилка» – популярный детский литературно-художественный журнал, который издается с 1924 года.
Создателями журнала были Самуил Маршак, Агния Барто, Корней Чуковский, Аркадий Гайдар – целая плеяда наших известных и любимых всеми писателей и поэтов.
16 мая этого года журналу исполняется 98 лет. Назван он по имени сказочного существа – жёлтого и пушистого Мурзилки. Сегодня Мурзилка живёт на страницах журнала таким, каким нарисовал его в 1937 г. Известный художник Аминадав Моисеевич Каневский.
Современный «Мурзилка» насыщен интересными, познавательными материалами – история, достижения науки и техники, спорт, важнейшие события сегодняшнего дня. Материалы на такие темы привлекают не только юных читателей, но и их родителей.
Интересны не только детям, но и всей семье «Мурзилкины советы», «Приключения Мурзилки», самоделки, конкурсы, викторины, которые дают не только интересную информацию, призывают к творчеству, но и воспитывают полезные навыки.
Предлагаем вам ответить на вопросы онлайн-викторины по страницам детского журнала «Мурзилка».
Неделя детской книги - 2024
В нашей библиотеке прошла традиционная Неделя детской книги. Неделя детской книги отмечается в нашей стране более 80-ти лет. Самая первая неделя детской и юношеской книги прошли в Москве в далеком 1943 году, когда шла Великая Отечественная война. Под сводами Колонного зала Дома Союзов собрались дети со всей Москвы. Да, когда-то под этот праздник отдавался Колонный зал Дома Союзов и, словно на новогодней елке, персонажи сказок всех народов, детские писатели и юные читатели, образовывали широкий круг, символизировавший истинность утверждения о самой читающей стране в мире. А детский писатель Лев Кассиль назвал этот праздник Книжкиными именинами. С той поры не было года, чтобы не отмечали именины книжкам. Празднуют именины в библиотеках, потому что библиотека- это родной дом для книг: здесь они живут, сюда приходят к ним в гости читатели.
И наша библиотека тоже провела традиционную Неделю детской книги. Неделя прошла под девизом: «Открывая книгу, открываем мир!» Для ребят был вывешен план проведения недели детской книги.
- Открытие Недели детской книги. Конкурс рисунков «Мой любимый сказочный герой».
– Библиотечный урок «Книги юбиляры 2024 года».
– конкурс сочинений «Для чего нужны книги?».
– Литературная викторина «По дорогам сказок».
– Закрытие недели детской книги. Интеллектуально-познавательная игра «Поле чудес в литературной стране». Подведение итогов конкурса рисунков и конкурса сочинений. Награждение победителей.
Совместно с Никольской начальной школой мы путешествовали по сказкам, играли в интеллектуальную игру «Поле чудес в литературной стране» и вспоминали страницы любимых книг. Также был проведен конкурс рисунков «Мой любимый сказочный герой» и конкурс сочинений «Для чего нужны книги?», здесь ребята в полной мере проявили свою творчество, фантазию и порадовали нас замечательными рисунками к своим любимым сказкам. Во время проведения Недели были использованы различные формы работы.
Учащиеся с удовольствием участвовали в занимательных викторинах, веселых конкурсах. В библиотеке всю неделю царила атмосфера праздника.
Дни Недели незабываемы для читателей. Этому служат не только необычные мероприятия, но и оформление библиотеки. Выставки в нашей библиотеке менялись ежедневно. Каждый желающий мог выбрать книгу на свой вкус, полистать её в читальном зале или взять домой. Закрытие Недели детской книги прошло весело и увлекательно, на которой были награждены грамотами лучшие читатели, активные участники читательских викторин, победители конкурсов. Это мероприятие не только логически завершает Неделю, но и нацелено на воспитание стремления к чтению, на стимулирование желания учащихся читать.
Сахалар толкуйдаабыт мындыр оонньууларынан, оҕолор сынньалаҥ кэмнэригэр дьарыктанан, толкуйдуур, хамсанар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар аналлаах көмө.
Никольскайдааҕы И.С.Шарапов аатынан сири туһаныы түмэлин үлэһиттэрэ көҕүлээннэр, 2019 с. Нам улууһугар ыытыллыбыт XIIIс республикатааҕы Олоҥхо ыһыаҕар «Күн оҕолоро» оҕо түһүлгэтин аан бастаан үлэлэппиттэрэ. Ыһыахтарга саха төрүт үгэстэрин оонньуутун түһүлгэтэ (батуттарынан, аттракционнарынан эрэ муҥурдаммакка) оҕолорго баар буолуохтаах диэн санааттан тэрийбиттэрэ уонна улахан биһирэбили, сэҥээриини, махталы ылбыттара.
Саха оҕото хааныгар баар, өбүгэттэн илдьэ сылдьар үгэһин чэпчэкитик ылынан, айылҕалыын алтыһан, астына, дуоһуйа оонньообуттара. Төрөппүттэр күн сыралыттан сынньанар күлүктээх балаҕан эркинигэр олорон сынньаналлар, оҕолор түһүлгэҕэ тэлгэммит сылгы тириилэригэр сыта-олоро дуоһуйа күөлэһийэллэр, сахалыы олоппосторго, остуолларга ыытыллар оонньууларга кытталлар. Аҕам саастаах дьоммут сиэннэрин кытары сылдьан оччотооҕу оҕо саастарын оонньуурдарын көрөн – үөрэн, санаан, олус махтаммыттара.
Маннык түһүлгэлэри тэнитэр сыалтан Саха сирин улуустарыгар ыытыллар Республикатааҕы Олоҥхо ыыһыахтарыгар сахалыы оҕо түһүлгэлэрин тэрийсэн опыппытын тарҕаталлар. Ол курдук 2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар, 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олонхо ыһыахтарыгар сылдьыбыттара. 2019 сыллаахха Санкт Петербург куоракка Аан дойдутаа5ы 2 фестивальга «Снежные узоры Якутии» выставканан кыттыбыттара, 2022 сыллаахха Москва куоракка Коломинскай музей паркатыгар ЯАССР 100 сылыгар Нам улууһа юбилейнай ыһыаҕар «Кун о5олоро» түһүлгэнэн кыттыыны ылан биһирэбил ылбыттара.
Быйыл 2024 сыл муус устар ыйга Москва куоракка ВДНХҕа «Россия»Аан дойдутааҕы выставка-форумугар Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ Протопопова Женя ситиһиилээхтик кытынна.
«Күн оҕолоро» түһүлгэбитин республикаҕа, Россия атын регионнарыгар туруоран оҕо-аймах, дьон олус сэргиир, биһириир. Инникитин республикабытыгар, ыһыахтыыр паркаларга маннык сахалыы оҕо түһүлгэтин туруоралларыгар ыҥырабыт уонна үлэлэһэргэ бэлэммит.
«Ийэ тылбыт-бар5а баайбыт»
саха тылын нэдиэлэтэ көхтөөтүк ааста
Олунньу 13 күнүн- Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн-Саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах учуонай-лингист төрөөбүт күнүн- көрсө оскуолабытыгар «Ийэ тылбыт-бар5а баайбыт» диэн саха тылын нэдиэлэтэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста. Нэдиэлэ буруонан ыраастаныы сиэринэн-туомунан, алгыстаах алаадьынан, бары о5олору учууталлары, үлэһиттэри күндүлээһинтэн са5аланна.
Сиэр-туом кэнниттэн А.С.Новгородовка,тыл үөрэхтээхтэригэр, саха тылыгар аналлаах кылаас чаастара ыытылыннылар. Олохтоох библиотека үлэһитэ Ларионова В.Н. Сир музейын үлэһитэ Протопопова С.Н., Никольскай алын сүһүөх оскуола учууталлара, Оҕо уһуйаанын уһуйааччылара интэриэһинэй кылаас чаастарын ыыттылар. Уһуйаан оҕолорун тереппүттэрэ Саха народнай поэт Семен Петрович Данилов Саха саҥата диэн хоһоонун ааҕан тэрээһини киэргэттилэр. Ону таһынан Уһуйаан оҕолоро Эриэппэ нуучча остуоруйатын сахалыы саҥардан тетрализованнай көрдөрүү туруоран сэргэхситтилэр.
Олунньу 13 күнүгэр «Таптыыр сахам тылынан» алын кылаас о5олоругар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи акция буолан ааста, уопсайа 11 оҕо кыттыыны ылла.
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩Олкнньу ый 22 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр Е. И. Бубякина аатынан "Күндүл" норуот айымньытын дьиэтигэр Саха сиригэр пионерскай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир "Пионерия умнуллубат сырдык өйдөбүлэ" диэн ааттаах торжественнай линейка буолла. Тэрээһиннэ нэьилиэк тэрилтэлэрэ "Веснянка" оҕо уһуйаана заведующей А. П. Иванова, Никольскай начальнай оскуолата директор М. И. Шадрина, "И.С.Шарапов" аатынан сир музейа директор П. Р. Протопопова нэһилиэк библиотеката заведующей В. Н. Ларионова олохтоох администрация баһылык А. К. Кривогорницын нэһилиэк олохтоохторо активнай кыттыыны ыллылар. Линейканы "Ю.А.Гагарин" аатынан пионерскай отряд председатель Никольскай нэһилиэгин начальной оскуолатын директора М. И. Шадрина салайыылаах тэрээһини арыйда. Иккис отрядынан Богдан Мастов командирдаах "Полярная звезда" НСОШ -2 И. Д. Григорьева салайааччылаах киирдэ. Пионерскай знамяны күөрэччи тутан киллэрдилэр олохтоох дьаһалта улэһиттэрэ нэһилиэк баһылыгын: солбуйааччы С. И.Винокуров, сүрүннүүр специалист Е. Протопопова, барабанщик эдэр ыччат лидера А.Б. Кириллин. Салгыы ол кэмнэргэ төлөөннөөх октябреноктар, эрчимнээх пионердар, хорсун комсомоллар, патриот улэһиттэр Е. Р.Леонтьев- үлэ, тыыл ветерана, Саха Республикатыгар тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Нам улууьун, Хамаҕатта нэьилиэгин "Ытык киһитэ", Л. Л. Охлопкова - үлэ ветерана, Никольскай нэһилиэгин " Ытык киһитэ", М. И. Шадрина - Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Никольскай нэһилиэгин "Ытык киһитэ" уонна ыалдьыт"Полярная звезда" поисковай отряд салайааччыта И. Д. Григорьева бэрт интириэһинэй ахтыы онордулар. Ахтыыны салайан ыытта нэһилиэк баһылыга А.К.Кривогорницын.
"100 лет Пионерии в ЯАССР" "И.С Шарапов аатынан музей уонна олохтоох библиотека, ыҥырыылаах ыалдьыттар " Полярная звезда" отряд "Трофеи поисковых работ олус интириэьинэй быыстапкалары туруордулар.
Торжественнай линейка "Взвейтесь кострами"пионерскай гимынан түмүктэннэ. " Торжественнай линейканы уус- уран салайааччы К. К. Герасимова, нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ В. Н. Ларионова илээн-саҕалаан ыыттылар,музыкальнай фоннары онордо хормейстер М. К. Олесова. 🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
23 ноября – 115 лет со дня рождения Николая Николаевича Носова (1908–1976) — русского советского детского писателя, прозаика, киносценариста, драматурга. Рассказы Николая Носова — весёлые, поучительные, динамичные, насыщенные неожиданными комическими ситуациями. Написанные в послевоенные годы, они до сих пор не потеряли своей актуальности. Уважаемые читатели! Предлагаем Вам принять участие в онлайн викторине, вспомнить произведения Николая Носова и их озорных героев.
М.Е. Николаев
13 ноября – День рождения Первого Президента РС(Я) Михаила Ефимовича Николаева
Михаил Ефимович видный государственный, политический и общественный деятель Российской Федерации и Республики Саха (Якутия).
Его имя входит в когорту известных региональных лидеров России, внесших большой личный вклад в дело сохранения единства Российской Федерации, строительство федеративного государства на основе конституционно-договорных отношений в период становления суверенного Российского государства.
«Эн, Комсомол, мин дьолум!» — бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына-дуоһуйа истэллэр. Сэбиэскэй кэм саҕана комсомоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ, этэргэ дылы, хайаны да түҥнэри көтөр кыахтаахтара. Бүгүн — Комсомол төрүттэммит күнэ! Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк библиотекатын атыттан аҕам саастаах дьоммутун ис сүрэхпититтэн комсомол күнүнэн итиитик-истиҥниҥ эҕэрдэлиибит!
«Аата ааттанар, ырыата ылланар» онлайн-викторина по творчеству и жизни П.А.Ойунского, посвященный к 130-летию со дня рождения
Платон Алексеевич Ойунский — удивительно разносторонний, талантливый человек. Он был выдающимся поэтом, прозаиком, драматургом, фольклористом, лингвистом, государственным, политическим деятелем. Он умел сочетать огромную общественную и государственную деятельность с кипучей творческой деятельностью. Предлагаем школьникам и их родителям, и тем кому интересна жизнь и творчество П. А. Ойунского пройти онлайн-викторину, посвященную к 130-летию со дня рождения Платона Алексеевича Ойунского "Аата ааттанар, ырыата ылланар" Приятного прохождения онлайн-викторины. Удачи!
Из поколенья в поколение в народе так ведётся,
История страны из уст в уста передаётся,
День Октябрьской Революции сегодня отмечаем мы,
Величен и велик образ истории страны.
С праздником Октябрьской Революции хочу я
Вас поздравить, Много счастья и удачи пожелать,
Здоровья крепкого, уюта и тепла,
В добре и мире жить, никогда не унывать.
Поздравляем с Днем матери и Днем отца!
Женская мудрость, любовь и нежность - то, что помогает нам вырастать и становиться теми, кто мы есть. Мамы - наша тихая гавань, надёжный тыл и поддержка. На протяжении всей жизни материнская вера, забота и ласка - источник силы как в детстве, отрочестве, так и во взрослом возрасте.
Огромная вам благодарность и почёт за вложенные силы и безусловную любовь! От души желаем всем мамам крепкого здоровья! Мамы для нас всегда самые красивые, самые драгоценные и родные! Счастья, благополучия и долгих лет жизни!
Быть отцом – непростая задача, это значит нести постоянную ответственность. Но также это значит всегда быть любимым и нужным. Для сыновей отец – пример для подражания и герой, для дочерей – гордость и идеал мужчины. Вы для семьи опора, мудрый советчик, спокойная уверенность и надежность. Спасибо, что вы есть!
Пусть всегда вас окружает забота и уважение детей, согревает любовь близких. Чтоб сердце было вечно молодым, а разум ясным. Здоровья, процветания и достатка!
Библионочь - 2023
23 мая 2023г. Никольская модельная сельская библиотека присоединилась к Всероссийской акции «Библионочь-2023»
"БИБЛИОПИКНИК"
Библиотека оформила книжную выставку «Народы Якутии». Мероприятие открыли с обряда «Алгыс». Для детей Никольской начальной школы праздничное мероприятие начали с соревнования по якутским настольным играм «Кун о5олоро». В якутском балагане Ветеран труда Осипова Валентина Васильевна показала демонстрацию приготовлении якутской национальной блюды саламат и оладьи на комельке в углях . Колесова Екатерина Романовна ветеран нашей библиотеки провела обряд кумысопития. Гости нашего мероприятия члены народного ансамбля «Дьурул» Мария Аргунова и Татьяна Афанасьнва провели мастер класс на инструменте хомус. Так же наши гости в конце мероприятии украсили праздник древним танцем осуохай.
"БИБЛИОПОЛЕ"
26 мая С годом Труда в РС(Я) провели совместно с Никольским музеем землепользования им. И.С. Шарапова «Посев зерновых». Библиотекарь нашего села провела квиз-игру «Хлеб-всему голова»для учеников 3 класса Хатын-Арынской школы, классный руководитель Людмила Васильевна Винокурова. Работники музея провели урок истории «Посев в Никольской слободе» и демонстрировали посев по старой методике вручную. В якутском балагане провела чаепитие у самовар с оладушкой из тагана камелька ветеран нашего села Осипова Валентина Васильевна. После чаепития Валентина Васильевна украсила мероприятие древнейшим эпическим искусством якутов олонхо "Кулун Куллустуур" Теплоухов-Тимофеев И.Г. Гости из Хатын-Арынской школы в знак благодарности выступали музыкальными номерами и подарили саженец бузины. Танцевали хоровод символ всеобщего единения детей «Кончил дело - гуляй смело».
24 мая в Никольской модельной сельской библиотеке прошла пятая сетевая акция #Силакниги, посвященная Году педагога и наставника в России.
В этом году в качестве чтеца выступил Отличник культуры РС(Я) библиотекарь Семенова Сардана Николаевна.
В акции приняли участие учащиеся Никольской начальной общеобразовательной школы. Сарадана Николаевна прочла отрывок из книги Сергеева Леонида Анатольевича "Первый урок". С детьми поговорили на тему чтения, как чтение может помогать не только в учебе, но и в жизни в целом. В завершении мероприятия Сардане Николаевне был вручён сертификат чтеца.
Благодарим всех участников акции, желаем, чтобы чтение всегда было частью вашей жизни!
Ыам ыйын 15 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыгар, Н.С.Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназия саха тылын уонна литературатын учууталларын холбоһугун кытта, 3-6 кылаас төрөппүттэригэр “Сахалыы ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕэ ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн Елизавета Дмитриевна, Виктория, Андрей Герасимовтар кыттыыны ылан 2 миэстэни ситистилэр.
Күрэх балаһыанньанан 4 түһүмэхтэн турда: 1 түһүмэх Дьиэ кэргэн ааҕыытын туһунан видеоролик, (дьиэтээҕи сорудах), 2 түһүмэх бэриллибит хоһоону оҕо дорҕоонноохтук ааҕар, төрөппүттэр саха суруйааччыларын
айымньыларыттан ааҕаллар, 3 түһүмэх «Отонноотоххо оҥоойук туолар“ кыттааччылар 10 ыйытыыга хоруйдууллар, 4 түһүмэх Оонньоон көрдөрүү (инсценировка). Дьиэ кэргэн сөбүлээн ааҕар айымньытыттан быһа тардан оонньоон көрдөрөр – финал. Хас түһүмэх ахсын дьүүллүүр сүбэ тута түмүк балларын таһааран истилэр, ол түмүгүнэн финалга 2 үрдүк баллаах кыттааччы хаалан “Учуутал” туһунан саха суруйааччыларын айамньыларыттан — кэпсээннэртэн талан ылаат тута ааҕыыларын түмүгүнэн кыайыылаах тахсан кэллэ.
Сиһилии сигэни баттаан аах.
"Долгий путь примирению и покаянию: Уроки гражданской войны в Якутии,
100-летие Никольского сражения"
республиканскай научнай практическай конференция
Саха сиригэр элбэх хаан тохтуулаах Гражданскай сэрии биир улахан событиетын Никольскай кыргыһыыта 100 сылыгар ананан тахсыбыт
“Ол дьулаан дьылларга” диэн кинигэ сүрэхтэннэ.
Бу историяны кэрэһэлиир ахтыылартан, ыстатыйалартан тиһиллибит хомуурунньук 2022 сылга, Дьокуускайдааҕы Дани-Алмас кинигэ кыһатыгар таҥыллан, сахалыы уонна нууччалыы тылынан 50 экземлярынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ уопсайа 152 страницалаах уонна «Иван Серафимович Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын» фондатыттан ылыллыбыт араас элбэх хаартыскаларынан тупсарыллыбыт.
Кинигэ 4 чаастан турар. Хас биирдии чааһа анал теманы көрдөрөр ааттардаах.
Хомуурунньугу хомуйан оҥордулар Прасковья Романовна Протопопова, И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын дириэктэрэ, СР культуратын туйгуна; Светлана Николаевна Протопопова, И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын фонда тэрийээччитэ, СР культуратын туйгуна, Оротоо Сандаара Саха аар кыыһа, Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын научнай сотруднига, СР культуратын туйгуна, Изабелла Георгиевна Васильева, Хамаҕатта нэһилиэгин Ытык киһитэ, СР бэчээтин туйгуна.
Хомуурунньукка Никольскайдааҕы кыргыһыы 80 сылын көрсө тахсыбыт «Ол дьулааннаах күнү умнубаппыт» диэн кинигэ бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллара киирдилэр. Ону кытта Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайа Карл Байкалов, 226-с Петроградскай полк кавалерийскай
этэрээтин хамандыыра Иван Соколов тустарынан матырыйааллар, Никольскай кыргыһыытын туһунан историк Владимир Пестерев, Никольскай олохтоохторун уонна оскуола үөрэнээччилэрин суруйуулара киирдилэр.
Кинигэни кыраайы үөрэтээччи, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Сир» музейын дириэктэринэн үлэлээбит Георгий Ильич Кривошапкин уонна Прасковья Романовна Протопопова, киирии тыллара арыйар.
Хомуурунньук Саха сиригэр Гражданскай сэрии туһунан суруллубут кинигэлэр материалларыттан, архыып докумуоннарыттан, хаһыаттартан ылыллыбыт ыстатыйалартан, Никольскай кыргыһыытын кыттыылаахтарын аймахтарын ахтыыларыттан турар. Кинигэ общественнай-историческай суолталаах. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Сахабыт сирин аныгы сайдыы үйэтин хас биирдии үүнэр көлүөнэтэ бэйэтин улууһун, нэһилиэгин историятын билэригэр, норуот трагедиятын, инники көлүөнэ алҕастарын хатылаабатын, сөптөөх быһаарыылары ылынарын туһугар кырдьыктаах историяны хаалларарга биһиги, бары, эдэр көлүөнэбитигэр тиэрдэргэ дьулуһуохтаахпыт. Бу историческай ис хоһоонноох, улахан - дириҥ суолталаах үлэни түмэн, хомуйан оҥорбут ааптардарбытыгар махталбытын тиэрдэбит.
Валерий Михайлович Шелковников
быыстапкаҕа туруорбут кинигэлэрэ.
Ону таһынан, конференция чэрчитинэн Никольскай библиотекатын "Ол дьалхааннаах кэм.." диэн кинигэ быыстапката турда. Манна олохтоох библиотека кинигэлэрин таһынан, Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо В. М. Шелковников бэйэтин чааһынай библиотекатын Саха сиригэр буолбут Гражданскай сэрии туһунан кэрэһэлиир кинигэлэрин аҕалан туруорда. Конференцияҕа кэлбит дьон кинигэлэри интэриэһиргээн көрдүлэр-аахтылар, библиотека проегынан оҕолорго ыытыллыбыт конкурс кыттыылаахтарын үлэлэрин сэргээтилэр.
Народнай поэт Петр Николаевич Тобуроков төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан
"Уран тыллаах, эриэккэс тойуктаах Ырыа Бүөтүр"
диэн кинигэ быыстапката эһиэхэ, ааҕааччыларбытыгар анаан олохтоох библиотекаҕа оҥоһуллан турда.
П. Тобуроков олоҕун, айар үлэтин уонна ырыа буолбут иэйиилээх хоһооннорун, оҕолорго анаан суруйбут айымньыларын кэлэн көрүҥ, уларсан ааҕын.
«Поэзия диэн дууһа хамсааһынын, үөрүүтүн-көтүүтүн эбэтэр хомолтотун-хоргутуутун, санньыйыытын-мунчаарыытын көстүүтэ буоллаҕына, ол хамсааһын ханнык да киһини тумнуон сатаммат».
Итинник үрдүк көрдөбүлгэ, өйдөбүлгэ хардарар гына Петр Тобуруокап олоҕун устатын тухары айбыта-туппута, төрөөбүт тыл муҥура суох кыаҕын, эриэккэс баайын арыйбыта.
Саха тыллаах баарын тухары,
Уол кыыhы таптыырын тухары
Эн ырыаҥ ыллана туруоҕа,
Үйэлээх тапталы туойуоҕа
(В.Босяк «Уол кыыhы таптыырын тухары»
Петр Тобуруокап кэриэhигэр)
ИЙЭ! Бу тылы киһи аан бастаан саҥарар, бу тыл аан дойду бары омуктарын тылыгар барытыгар эйэҕэстик иһиллэр. Бары күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни ийэбитигэр тэҥниибит.
"Ийэ обраһа - саха суруйааччыларын айымньыларыгар"
Николай Егорович Мординов - Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романын «Ийэ» диэн бастан саҕалаабыта уонна бу айымньытыгар ийэ кэрэ, уйаҕас обраһын айан бэйэтин төрөппүт ийэтин үйэтиппитэ. Мординовтар ийэлэрэ кимэ-туга Лэглээриннэр ийэлэрэ Сөдүөччүйэ обраһа чаҕылхайдык көстөр.
Степан Марков «Ийээ, бырастыы гын…» кинигэтигэр сэрии саҕана тыа сиригэр олорор дьиэ кэргэн күннээҕи үөрүүтэ-хомолтото, сүрэх истиҥ иэйиититтэн илгийэн тахсар таптала, күннээҕи олох бытархай түгэннэриттэн тиһиллэн тахсар дьол кыырпаҕа кэпсэнэр.
Николай Габышев “Анфиса” кэпсээнигэр сурулларынан Анфиса сүрдээх кыраһыабай, бааһынай хааннаах буолан өссө кыраһыабайа биллэр, бэйэтин атаҕастаппат, оҕолорун олус таптыыр, үлэһит, ыраас, чэнчис дьахтар. Кини хас биирдии дьахтар курдук дьоллоох буолуон баҕарар.
Иван Горнай «Ийэкээним эрэйдээх» ахтыы- сэһэнэ, суруйааччы проза жанрыгар итэҕэтиилээхтик суруйбут дьоһун айымньыта буолар.
Иринцеева Е. С. – Огдо. Быстах санаа ухханыгар. Оҕо ону-маны толкуйдуур, ырыҥалыыр кэмэ улаатар сааhыгар буолар. Эн, кип-киэҥ билбэт уораҕайгар киирэн, соҕотоҕун муна-тэнэ сылдьарын курдук, олох ис киэбэ оннук эгэлгэ буолар. Ол эрээри хайдахтаах да уораҕайы эн кэрийэ көтөн баран, киирэр-тахсар үүтү-хайаҕаhы бэрт эрэйинэн да буоллар, син буларын кэриэтэ, иннигэр баар хааччахтары булгу туоруон уонна тиһэҕэр кыайыылаах тахсыаҥ. Өскөтүн ийэҥ аттыгар баар буоллаҕына… Итиэннэ үөрэннэххинэ, элбэҕи билэ сатаатаххына…
Татьяна Находкина “Дьылҕаҥ бэйэҥ илиигэр” кэпсээннэригэр сүрүн дьоруойдарынан үрдүкү кылааска үөрэнэр оскуола оҕолоро, эдэр ыччат, төрөппүттэр, учууталлар буолаллар. Кинилэр аныгы, дохсуннук уларыйа турар олоххо бэйэлэрин уонна төрөппүттэрин икки ардыларыгар сыһыаннара, көрсөр араас кыһалҕалара, тапталлара, тыа сирин олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, түбүгэ-садьыга кэпсэнэллэр.
Илгийээнэ. Это не моя война... Ийэ уонна оҕо быстыспат ситимнэрин, кут-сүр тостуутун уонна ийэ соҕотох уолун биир саастыылаахтара суорума суолламмыт дьылҕаларын туһунан киһини толкуйдатар айымньы.
Ийэлэр күннэригэр анаан оҥоһуллубут "Күн сирин күндүтэ - күн күбэй Ийэ" кинигэ быыстапкатын олохтоох библиотекаҕа кэлэн көрүн-сэргээн, кинигэтэ уларсан ааҕыҥ.
Быыстапкаҕа киирдилэр: "Ийэ обраһа - саха суруйааччыларын айымньыларыгар" - манна аата этэрин курдук, араас кэмнээҕи саха суруйааччылара Ийэ оҕотугар, дьонугар-сэргэтигэр сыһыанын, үлэтин-хамнаһын, олоҕун туһунан суруйаллар.
Ону таһынан Дьячковская А. С. "Дьэрэкээн кырадаһыннар", Трифонова М. "Шьем сами рукавицы, кээнчэ, унты", Н. Г. Павлова-Баайыына "Вязание в национальном стиле" выкройкалардаах, схемалардаах кинигэлэри көрүн, тускутугар туһаныҥ.
Дорогие родители! Предлагаем подборку интересных книг о дружбе и мире для чтения вслух вашим детям. Читая рассказы о дружбе и мире, дети больше принимают мир ясным и светлым, стремятся к добрым делам, взаимовыручке и уважению друг к другу. Всё это непременно делает наш мир лучше! Любите книжки, прививайте детей к чтению.
Эртюков Иннокентий Илларионович. За мир : стихи. - Якутское книжное издательство. – 1953. - 74 с.
Мир глазами детей: сборник сочинений школьников. - РИЦ НБ РС(Я), 2016. - 32 с.
Гайдар Аркадий Петрович. Детям: повести. - Детская литература. - 1984. - 160 с.
Дадаскинов Степан Егорович. Кыракый эрдэхтэн: кыра саастаах оскуола оҕолоругар хоһооннор, ырыалар. – Бичик. – 2002. - 52 с.
Кузьмина Ангелина Афанасьевна. Мас тоҕо үүнэрий? : оҕолорго аналлаах кэпсээннэр. - Медиа-холдинг Якутия. - 2020. - 44 с.
Д ля чтения нажмите на книгу
Книга «Дочери легендарного Максима» представляет собой сборник воспоминаний о дочерях Максима Аммосова. В судьбах Аэлиты, Яны и Лены Аммосовых отразились трагические события 1930-х годов. Через воспоминания родственников, близких друзей семьи, коллег прослеживается их непростой жизненный путь.
Семья осталась верной памяти отца, сделала все для восстановления исторической справедливости и увековечивания имени М.К. Аммосова. Уникальная книга была издана по желанию Лены Максимовны и составлена на русском и якутском языках. Сборник воспоминаний состоит из 7 глав. Каждая глава имеет название, отражающее определенную тему.
Над книгой работали муж Лены Максимовны Владимир Гольдберг, директор Республиканского музея истории государственности им. М.К. Аммосова Александр Кириллин, советник отдела документоведения, мониторинга и контроля Постоянного представительства Республики Саха (Якутия) при Президенте Российской Федерации Наталья Колодезникова, краевед Иннокентий Кривошапкин, заместитель главы муниципального района «Намский улус» Инна Сивцева, внучатая племянница М.К. Аммосова Яна Корякина и многие другие. Ответственным редактором издания выступил спикер парламента республики пятого созыва, первый заместитель Председателя Государственного собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) Александр Жирков.
Сборник состоит из 67 воспоминаний современников дочерей М.К. Аммосова, и представляет собой общественно-политическую и историческую ценность.
Книга адресована для широкого круга читателей.
"Ыһыах араас сылларга" - видеосюжеттар
Ыһыах - үйэлээх үгэспит: [видеозапись]
Издательство: НБ РС (Я), 2020.
В. В. Илларионов, доктор филологических наук, профессор, лауреат Государственной премии РС (Я) им. П. А. Ойунского рассказывает о главном якутском празднике Ысыахе. Во время торжеств, олицетворяющих начало лета и пробуждения природы, здесь принято вспоминать предков и их обычаи.
Заглавие: Ысыах в селе Хамагатта Намского улуса: [видеозапись]. - 1984
Фильм о национальном празднике Ысыах в селе Хамагатта Намского района Якутской АССР
Ысыах: киноочерк о национальном празднике якутского народа [видеозапись]
Издательство: ИСК, 1946
Конкурс олонхосутов в Доме Олонхо, с. Сунтар, 2006 год: выступление Петра Егоровича Решетникова. – 2006.
Речь олонхосута Петра Егоровича Решетникова на Республиканском фестивале "Олонхо - айыы сиэрин түстүүр улуу күүс" в Доме Олонхо в селе Сунтар.
БУБЯКИН ИВАН АФАНАСЬЕВИЧ 90 СААҺА
-
тыыл, үлэ ветерана
-
ССРС культуратын туйгуна
-
Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ
-
Улуус культуратын бочуоттаах үлэһитэ
-
Нам улууһун, Ленскэй, Маймаҕа нэһилиэктэрин Ытык киһитэ
-
Кыраайы үөрэтээччи
-
«За вклад в развитие народно-художественного творчества РС(Я)» знак хаһаайына.
Ааҕаргар
кинигэни баттаа
Ыам ыйын 19 күнэ — бүгүн Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйэ! Бу бэлиэ түгэни көрсө ахтан-санаан кинигэтэ ааҕын диэн сүбэлиибит.
Кол. страниц: 12 с.
Изд-тво: Якутское книжное издательство, 1984
Кол. страниц: 68 с.
Сунтаар: төрөөбүт кыраай туһунан Сунтаар оройуонун пионердарын уонна үөрэнээччилэрин кинигэлэрэ
Изд-тво: ЯКГИЗ, 1950
Кол. страниц: 156 с.
Щипачев Степан Петрович
Изд-тво: Саха сиринээҕи кинигэ издательствата, 1955
Кол. страниц: 68 с.
Гайдар Аркадий Петрович.
Изд-тво: Детская литература, 1981
Серия: Школьная библ-ка для нерусских школ
Кол. страниц: 136 с.
Ветерану труда, почетному ветерану МВД России, Почетному гражданину Намского улуса и Тюбятского наслега, заслуженному работнику народного хозяйства РС(Я)
Пестрякову Егору Петровичу - Дьөгүөр Түбэ 85 лет с.д.р.
Cемья и семейные отношения являются предметом изучения психологии, философии, социологии, демографии, истории и других гуманитарных дисциплин. Но именно языком художественной литературы можно доступно и интересно рассказать о семье. Великий русский писатель Л.Н. Толстой отмечал: «В "Войне и мире” любил я мысль народную, а в “Анне Карениной” – мысль семейную».
Д ля чтения нажмите на книгу
Босиков Николай Афанасьевич.
Олох салҕанар алгыһа: хоһооннор, ырыа-хоһооннор/
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын электроннай таһаарыылара. -
Дьокуускай, СӨ НБ БК. -
2021. - 268 с.
Художники-акционисты Калеб и Камилла Фэнг посвятили свою жизнь созданию великого искусства. Но когда твоя работа заключается в выходе за пределы нормальности, трудно воспитать адекватных, адаптированных к социуму детей. Спросите об этом у Бастера и Анни. Насколько они помнят, они неохотно принимали участие в сумасшедших акциях своих родителей. Но теперь, когда детишки повзрослели, хаос их детства доставляет ощутимые трудности в жизни за пределами странного мира родителей.
Папа и мама у Дениса молодые, энергичные, с юмором и сами немного дети. Они очень хорошо понимают сына, и когда он в очередной раз провинится, его не ругают и не стыдят. Мама лишь спрашивает, хорошо ли он усвоил извлеченный урок, когда «тайное становится явным», не сердится, что Дениска обменял игрушку на светлячка, она искренне хочет понять мотивы его поступка. И глядя на ее веселье после истории с вином, папа тоже не может сердиться, хотя испорченного вина ему жаль. Но что может быть прекраснее смеха любимой женщины? Мама может тактично и ненавязчиво подтолкнуть к решению, как в случае с боксом. Она предлагает сыну в качестве боксерской груши старого плюшевого мишку – и пробуждает воспоминания, которые гасят желание махать кулаками. Папа показывает фокусы, мама находчиво «изобретает» подзорную трубу секретной конструкции, чтобы следить за Денискиными проделками, и папа включается в игру.
Демонстрируя необычайное владение словом Вэдей Ратнер сплетает душераздирающую историю человеческого мужества.
Семилетняя Рами мгновенно повзрослела, когда на рассвете ее отец вернулся домой и сообщил о подробностях гражданской войны, захлестнувшей улицы Пномпеня, столицы Камбоджи. Вскоре семейный мир тщательно охраняемых королевских привилегий охватывает хаос революции и насилия.
В течении следующих четырех лет Рами предстоит пережить смерть членов семьи, голод и тяжелый принудительный труд. Оказавшись в нечеловеческих условиях, девочка цепляется за единственно доступное достояние детства – мифы и легенды, рассказанные ее отцом. В атмосфере непрекращающегося насилия, когда память болезненна и служит оправданием казни. Рами продолжает борьбу за выживание.
Писатели-фронтовики - это целое поколение мужественных, совестливых, многое испытавших, одарённых личностей, перенёсших военные и послевоенные невзгоды. Писатели, прошедшие дорогами войны, написали для нас замечательные книги о своей войне. ...
Для чтения нажмите на книгу
Изд-тво: Электронное издательство НБ РС(Я). - 2020. - Вып. 1. - 66 с.
Детям о писателях-фронтовиках Якутии
Изд-тво: Электронное издательство НБ РС(Я). - 2020. - Вып. 2. - 130 с.
Олохтоох библиотекаҕа Софрон Данилов айымньыларын, элбэҕи толкуйдатар анаарыыларын, бэлиэтээһиннэрин кэлэн уларсан аах, билиигин хаҥат...
Раскин, Александр Борисович. Как папа был маленьким: рассказы / А. Раскин, рис. Л. Токмакова. - М.: Махаон. - 2008. - 176 с., ил.
В первое воскресенье апреля в Якутии отмечается День отца. Праздник, нацеленный на укрепление института семьи, повышение роли отца в воспитании детей, был учрежден 20 лет назад первым президентом республики Михаилом Николаевым.
И во второе воскресенье апреля отмечается День сына, который выпал на 10 апреля.
Биир дойдулаахпыт, Россия үөрэҕириитин туйгуна, СР Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ,
СР үөрэхтээһин систематын Бочуоттаах ветерана,
Учууталлар учууталлара
В.В.Ушницкай-Сэки төрөөбүтэ 90 сыла.
1932 с. муус устар 6 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Түүлээх 7 кылаастаах, Мүрү орто оскуолаларын кэнниттэн 1951 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историко-филологическай факультетыгар үөрэммитэ. Орто Халыма Өлөөкө Күөл, Нам улууһун Хамаҕатта орто, саха-французскай оскуолаларыгар үлэлээбитэ. «Алдаҥҥа» диэн бастакы хоһооно оройуонун хаһыатыгар 1946 с. бэчээттэммитэ.
Оҕолорго мындыр остуоруйалары, мөкү көстүүлэри саралыыр үгэлэри, хоһооннору, өйү сайыннарар тыл оонньууларын, ырыалары суруйар. Нам улууһун «Өрөгөй ырыатын» ааптара.
Орто Халыма, Нам улуустарын, Бастакы Хаҥалас, Хамаҕатта, Түүлээх (Уус Алдан) нэһилиэктэрин ытык олохтооҕо, СӨ үөрэхтээһинин ытык бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, РФ үөрэҕириитин туйгуна. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун кыттыылааҕа.
2019 с. сэтинньи ыйга Хамаҕаттаҕа өлбүтэ.
Айымньылары ааҕаргар кинигэни баттаа
Бастааҥҥы сурук бичик = Якутский букварь
Издательство: Гос. издательство
Год выпуска: 1922
Кол. страниц: 36 с.
”Сахалыы саҥа сатардын!”
Ааҕаргар
кинигэни баттаа
Сурук бичик оҕо ааҕар кинигэтиниин = Якутский букварь с книжкой для детского чтения
Издательство: Курун кинигэтин батаатар сир
Год выпуска: 1923
Количество страниц: 84 с.
Заглавие: Труды по якутскому языку
Издательство: Медиа-холдинг Якутия
Год выпуска: 2017
Количество страниц: 290 с.
Выдающиеся представители интеллигенции Республики Саха (Якутия)
Издательство: Якутский международный университет
Год выпуска: 2000
Серия, номер выпуска: XX век - 2000
Количество страниц: 44 с.
Аптаах холбуйачаан: хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар
Издательство: Бичик
Год выпуска: 1999
Количество страниц: 232 с.
Саха таабырыннара = Якутские загадки
Издательство: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота
Год выпуска: 1975
Количество страниц: 384 с.
Оҕо барахсан: хоһооннор, чабырҕахтар, ырыалар, таабырыннар, бэргэн этиилэр, сиэр-туом
Издательство: НБ РС(Я)
Год выпуска: 2018
Количество страниц: 32 с.
Алыптаах аргыһым: хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар
Издательство: Бичик
Год выпуска: 2000
Количество страниц: 232 с.
“Буойун суруйааччы-Эрилик Эристиин”
Онлайн ааҕаргар кинигэни баттаа..
Аудиокинигэни истэргэр кэпсээн аатын баттаа..
Новогодние праздники, зимние каникулы – прекрасная пора, чтобы уйти с головой в прекрасные и интересные книги. Окунуться в мир волшебства, стать частью зимней сказки... Книги для самостоятельного чтения или вместе с родными, вы найдете в этой увлекательной подборке по-настоящему зимних, новогодних книг.
Автор: Наумов Дмитрий Федосеевич
Заглавие: Дьүкээбил уонна Кустук Куо: биир оонньуулаах, сэттэ хартыыналаах саҥа дьыл түүнүнээҕи хотугу остуоруйа.
Автор: Угаров Гавриил Спиридонович
Заглавие: Эһээ Дьыл уонна кини сиэнэ Хаарчаана: фантастическай остуоруйа.
Саха норуота Эһээ Дьыл диэн бэйэтэ эмиэ Дед Морозтаах эбит. Эһээ Дьыл дьонун-сэргэтин, тымныыны түһэрэр Дьыл Оҕуһун, туһунан Угаалаах бу оҕолорго анаммыт саҥа айымньытыгар бэрт кэрэхсибиллээхтик уустаан-ураннаан суруйар.
Автор: Егорова Анастасия Марковна
Заглавие: Түргэн атах: кэпсээн.
Оҕо уонна кырынаас хайдах доҕордоспуттарын туһунан кэпсээн.
Оҕолор суруйаллар
Автор: Слепцова Айыына
Заглавие: Зимнее приключение или чудеса случаются: сказка для детей младшего школьного возраста.
В рождественской истории, автором которой является одиннадцатилетняя девочка Айыына Слепцова, случаются волшебные приключения с перемещением во времени и пространстве, доказывающие, что мечты сбываются. Иллюстрации к сказке представлены десятилетней юной художницей Ангелиной Томтосовой.
Заглавие: Онус тоҕо? : Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын оҕолоро "Онус тоҕо?" кэпсээн айаллар.
«Онус тоҕо?» хомуурунньукка 17-с №-дээх оскуола оҕолорун айымньылара киирдилэр. Айымньылар дириҥ ис хоһоонноохтор, оҕону иитиигэ ураты суолталаахтар. Хомуурунньукка барыта тиийимтиэ тылынан сахалыы суруллубута, хас биирдии айар үлэ олоҕу кытта ыкса сибээстэммитэ киһи болҕомтотун тардар, хайа баҕарар саастаах ааҕааччыны сэҥээрдэр кыахтааҕа көстөр.
Автор: Оптов Вячеслав Романович
Заглавие: Планета Аксель: рассказ.
Молодой писатель-фантаст Вячеслав Оптов, ученик 6 "б" класса МОБУ "СОШ № 5 им. Н. О. Кривошапкина г. Якутск", начинает свой рассказ с описания планеты Аксель, похожей на Землю. Данный рассказ при всей своей фантастичности удивительно нефантастичен, ведь его герои - обычные люди, как мы с вами. Во время исследовательских работ в государстве Фирт было обнаружено инопланетное существо Муркун, которое принадлежало чужой цивилизации. Серафит как представитель могущественного государства Фирт может спасти планету, но, возможно, не сможет спасти всех ее жителей. Как человек, он не может с этим смириться. Книга написана легко и увлекательно.
Автор: Неустроев Николай Денисович
Заглавие: Балыксыт: ойуу-кинигэ
Далан Павлов учится в 9 классе Таттинской гимназии имени И. П. Жегусова. Он с самого детства любит рисовать то, что услышал или прочитал. Перед вами рассказ основоположника якутской литературы Николая Неустроева "Рыбак" (Балыксыт) с иллюстрациями Далана Павлова.
Автор: Алексеева Настя
Заглавие: Сиэрэ суох быһыы үтүөҕэ тиэрдибэт: үгэлэр.
Кинигэҕэ эдэр талааннаах суруйааччы, Уус Алдан улууһун Бээди сүрүн оскуолатын выпускнига, «Аман өс» куруһуок иитиллээччитин, араас өрөспүүбүлүкэ, оройуон таһымнаах куонкурустар лауреаттара, дипломаннара — Алексеева Настя үгэ жанрыгар суруйбут айымньы ара түмүллэн киирдилэр.
Автор: Калачева Айталина
Заглавие: Нат 1: рассказ
Школьница Айта Калачева представляет свой первый рассказ, где поднимает проблемы подростков, повествует о сложностях в общении, о взаимоотношениях со сверстниками.
Автор: Михайлова Ольга Игоревна
Заглавие: Ночью, мелом на асфальте...: стихи
Сборник объединяет стихотворные произведения ученицы 9-го класса школы N 5 г. Якутска - Михайловой Ольги, посвященные смыслу жизни, творчеству, несправедливости в обществе, любви, призывам к добру, верности, справедливости, честности. По мнению автора, эти темы вечны и достойны внимания.
"Олоҥхо оҕо хараҕынан"
Федотов Эрэл, 1 кылаас
КНИЖНАЯ ВЫСТАВКА "ПРАВА МАЛЕНЬКОГО ГРАЖДАНИНА"
Всемирный день ребенка. Этот праздник несет под собой огромную значимость не только для мальчиков и девочек, но и для каждого взрослого, ведь благополучие детей есть и будет невероятно важной темой!
Всемирный день ребенка задумывался не просто как праздник, но и как день, который помог бы обратить внимание общественности на проблемы детей во всем мире.
Особую актуальность в этом приобретают книги, которые помогают родителям на взаимопонимание между миром детей и миром взрослых, а детские книжки не только развлекают юных читателей, но и обучают их. Они могут рассказывать о совершенно разных вещах…
Афанасьев, Алексей. #Мой малой. Как не потерять связь с детьми, когда они взрослеют / Алексей Афанасьев [и др.]. – Ростов на Дону : Феникс, 2019. – 156 с. – (Просто о сложном).
Ни для кого не секрет, что подростковый возраст у дочек и сыновей – один из самых трудных родительских периодов. Слова «кризис переходного возраста» заставляют кого-то усмехнуться, вспоминая о чем-то забавном из прошлого, а кого-то – болезненно поморщиться. Почему так происходит? Как сделать так, чтобы время, когда вчерашний ребенок превращается в юношу или девушку, прошло максимально комфортно и для него – героя изменений – и для всей семьи? А самое главное – как поддержать и укрепить доверительные, теплые отношения с сыном или дочерью в эти непростые моменты? В книге рассматриваются эти и другие вопросы, касающиеся взаимоотношений подростков и взрослых...
Ульева, Елена. Безопасность превыше всего, или Как уберечь ребенка от любых опасностей и угроз. /Елена Ульева. - Ростов на Дону : Феникс, 2019. – 143 с. – (Энциклопедия для мам).
А вы уверены, что с вашим ребёнком ничего не случится? Травма, болезнь, несчастный случай? От неприятностей не застрахован никто. Мир вокруг нас полон опасностей. Но можно подготовить к ним малыша заранее, объяснить, как вести себя в трудных ситуациях, научить его быть осторожным и внимательным. Это задача каждого родителя. Из этой книги вы узнаете, как с нею справиться, как сделать жизнь малыша максимально безопасной, как оказать первую помощь в экстремальной ситуации. Ведь зачастую не бывает времени искать информацию о том, как помочь малышу, надо действовать немедленно!...
Ульева, Елена. Когда можно говорить "нельзя". /Елена Ульева. - Ростов на Дону : Феникс, 2019. – 143 с. – (Энциклопедия для мам).
Вы хотите, чтобы ваш ребенок стал воспитанным и самостоятельным? Никаких нудных нравоучений и замечаний! Только эффективные способы воспитания! Мы откроем вам все секреты: как обозначить границы дозволенного, объяснить правила безопасности, сохранения здоровья, правильного поведения. Как рассказать ребёнку, что можно, что нельзя, показать это на примерах, дать необходимый опыт, научить его самостоятельно действовать в любой ситуации!
Методы эффективны и гуманны по отношению к ребёнку. Ценные советы, понятные пошаговые инструкции, поучительные сказки про поросёнка Плюшку, который научит детей правильно себя вести, и задания для закрепления - всё вы найдёте в этой книге…
Книжная выставка «Я благодарен своему народу», посвященная ко Дню рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия) М.Е. Николаева. На выставке экспонированы книги Михаила Николаева, издания разных лет посвященные ему и его деятельности.
Дорогим нашим читателям
предлагаем новые журналы.
Самый популярный в России еженедельный журнал для молодых женщин «Лиза» стал еще интереснее, еще привлекательнее для читательниц. Теперь больше знаменитостей на страницах любимого журнала! ... Все краски жизни для Вас!
Газета «1000 советов» – это подсказки на все случаи жизни... А ещё множество хитростей и полезных мелочей, которые облегчат ваши повседневные заботы и хлопоты.
Сахалартан маҥнайгы поэтесса Варвара Николаевна Потапова күн сиригэр баара буоллар, бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр 75 сааһын туолуо этэ.
Варвара Потапова кылгас да буоллар, чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта, бэйэтин суолун саха литературатыгар хаалларбыта. Кини ураты иэйиилээх хоһоонноро («Курус санаа генийэ», «Мин – Уһук хоту дойдубун», «Хахыйах ырыата» о.д.а.) ханнык баҕарар ааҕааччыны долгуппут буолуохтаахтар:
Мин сибэкки буолбатахпын.
Ол эрэн, оһуор от кэриэтэ,
Сырдык тыыннааҕым бэлиэтэ -
Сылааһы таптыыр дууһалаахпын.
Ол иһин, күүтэбин: хаһан эрэ
Мин хатан эрэр лабаабар,
Өҥө суох бороҥ таһаабар
Күөххэ тапталы дьон көрүөхтэрэ.
Хомойуох иһин, оччотооҕу кэмҥэ В. Потапова ураты көрүүтүн дьон өйдөөбөтөҕө. Ол туһунан В.Б. Окорокова маннык этэр: «Варвара Потапова – бэйэтин кэмигэр өйдөммөтөх, ол эрэн кырдьыксыт поэт. Кини кистэлэҥ поэзията Алампаны, Арбитаны кытта биир тэҥҥэ турар».
Варвара Потапова хоһооннорун бу кнопканы баттаан, киирэн ааҕыаххытын сөп.