Никольская сельская модельная библиотека
Намская МЦБС Республика Саха (Якутия)
Адрес: Республика Саха (Якутия) Намский улус с. Никольский ул. Протопопова 14/1
E-mail: nikolsk_biblioteka18@mail.ru
Оҕо ыһыаҕа - 2024
Ыам ыйын 26 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр «Оҕо ыһыаҕа-2024» самаан сайын салаллан кэлбитин уруйдуу үөрүүлээх быһыыга- майгыга тэрилиннэ.
Маннык үтүө куҥҥэ, маннык кэрэ кэмнэ мустубут ыалдьыттарбытыгар анаан Никольскай нэһилиэгин уһуйаан уонна оскуола оҕолоро, үлэһиттэрэ уйгу- быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээн ыллам ырыа ыллаатылар, үнкүү үҥкүүлээн кэнсиэр тэрийдилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүгэр Оһуохай күнүн олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта, ол ыйаахха олоҕуран тэрээһиммит бастакы чааһын түмүгэр бары күргүөмүнэн окумалтан ылсыһан, оһуохайдаан, эһиэкэйдээн дуоһуйдубут.
Ол кэннэ бары бииргэ түһүлгэҕэ төбүрүөннээн олорон, уруҥ тунах ыьыахпыт маанылаах сандылытын амтаннаах сахалыы астарын аһаатылар.
Ыһыахпыт иккис чааһыгар уолан уолаттар, кыталык кыргыттар күен көрсөн күрэхтэстилэр: «Саха талба-мааны таҥаһа», «Сайылык оонньуулара», «Оҕунан ытыы», «Күөрчэх ытыйыы», «Сыал ытыы», «Толбоннурар уһун суһуох», Өркөн-Өй «Тыл хонуута» оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан ыытылыннылар.
Бу күн, хас биирдии дьиэ кэргэн өбүгэтин үгэһин тутуһан сахалыы сиэдэрэй таҥастанан таҥнан- симэнэн кэлбитэ киһини үөрдэр. Оҕолор, төрөппүттэр сахалыы тыыннарын илдьэ сылдьаллара киһини сөргүтэр.
Юбилей Мурзилки
«Мурзилка» – популярный детский литературно-художественный журнал, который издается с 1924 года.
Создателями журнала были Самуил Маршак, Агния Барто, Корней Чуковский, Аркадий Гайдар – целая плеяда наших известных и любимых всеми писателей и поэтов.
16 мая этого года журналу исполняется 98 лет. Назван он по имени сказочного существа – жёлтого и пушистого Мурзилки. Сегодня Мурзилка живёт на страницах журнала таким, каким нарисовал его в 1937 г. Известный художник Аминадав Моисеевич Каневский.
Современный «Мурзилка» насыщен интересными, познавательными материалами – история, достижения науки и техники, спорт, важнейшие события сегодняшнего дня. Материалы на такие темы привлекают не только юных читателей, но и их родителей.
Интересны не только детям, но и всей семье «Мурзилкины советы», «Приключения Мурзилки», самоделки, конкурсы, викторины, которые дают не только интересную информацию, призывают к творчеству, но и воспитывают полезные навыки.
Предлагаем вам ответить на вопросы онлайн-викторины по страницам детского журнала «Мурзилка».
Неделя детской книги - 2024
В нашей библиотеке прошла традиционная Неделя детской книги. Неделя детской книги отмечается в нашей стране более 80-ти лет. Самая первая неделя детской и юношеской книги прошли в Москве в далеком 1943 году, когда шла Великая Отечественная война. Под сводами Колонного зала Дома Союзов собрались дети со всей Москвы. Да, когда-то под этот праздник отдавался Колонный зал Дома Союзов и, словно на новогодней елке, персонажи сказок всех народов, детские писатели и юные читатели, образовывали широкий круг, символизировавший истинность утверждения о самой читающей стране в мире. А детский писатель Лев Кассиль назвал этот праздник Книжкиными именинами. С той поры не было года, чтобы не отмечали именины книжкам. Празднуют именины в библиотеках, потому что библиотека- это родной дом для книг: здесь они живут, сюда приходят к ним в гости читатели.
И наша библиотека тоже провела традиционную Неделю детской книги. Неделя прошла под девизом: «Открывая книгу, открываем мир!» Для ребят был вывешен план проведения недели детской книги.
- Открытие Недели детской книги. Конкурс рисунков «Мой любимый сказочный герой».
– Библиотечный урок «Книги юбиляры 2024 года».
– конкурс сочинений «Для чего нужны книги?».
– Литературная викторина «По дорогам сказок».
– Закрытие недели детской книги. Интеллектуально-познавательная игра «Поле чудес в литературной стране». Подведение итогов конкурса рисунков и конкурса сочинений. Награждение победителей.
Совместно с Никольской начальной школой мы путешествовали по сказкам, играли в интеллектуальную игру «Поле чудес в литературной стране» и вспоминали страницы любимых книг. Также был проведен конкурс рисунков «Мой любимый сказочный герой» и конкурс сочинений «Для чего нужны книги?», здесь ребята в полной мере проявили свою творчество, фантазию и порадовали нас замечательными рисунками к своим любимым сказкам. Во время проведения Недели были использованы различные формы работы.
Учащиеся с удовольствием участвовали в занимательных викторинах, веселых конкурсах. В библиотеке всю неделю царила атмосфера праздника.
Дни Недели незабываемы для читателей. Этому служат не только необычные мероприятия, но и оформление библиотеки. Выставки в нашей библиотеке менялись ежедневно. Каждый желающий мог выбрать книгу на свой вкус, полистать её в читальном зале или взять домой. Закрытие Недели детской книги прошло весело и увлекательно, на которой были награждены грамотами лучшие читатели, активные участники читательских викторин, победители конкурсов. Это мероприятие не только логически завершает Неделю, но и нацелено на воспитание стремления к чтению, на стимулирование желания учащихся читать.
Сахалар толкуйдаабыт мындыр оонньууларынан, оҕолор сынньалаҥ кэмнэригэр дьарыктанан, толкуйдуур, хамсанар дьоҕурдарын сайыннаралларыгар аналлаах көмө.
Никольскайдааҕы И.С.Шарапов аатынан сири туһаныы түмэлин үлэһиттэрэ көҕүлээннэр, 2019 с. Нам улууһугар ыытыллыбыт XIIIс республикатааҕы Олоҥхо ыһыаҕар «Күн оҕолоро» оҕо түһүлгэтин аан бастаан үлэлэппиттэрэ. Ыһыахтарга саха төрүт үгэстэрин оонньуутун түһүлгэтэ (батуттарынан, аттракционнарынан эрэ муҥурдаммакка) оҕолорго баар буолуохтаах диэн санааттан тэрийбиттэрэ уонна улахан биһирэбили, сэҥээриини, махталы ылбыттара.
Саха оҕото хааныгар баар, өбүгэттэн илдьэ сылдьар үгэһин чэпчэкитик ылынан, айылҕалыын алтыһан, астына, дуоһуйа оонньообуттара. Төрөппүттэр күн сыралыттан сынньанар күлүктээх балаҕан эркинигэр олорон сынньаналлар, оҕолор түһүлгэҕэ тэлгэммит сылгы тириилэригэр сыта-олоро дуоһуйа күөлэһийэллэр, сахалыы олоппосторго, остуолларга ыытыллар оонньууларга кытталлар. Аҕам саастаах дьоммут сиэннэрин кытары сылдьан оччотооҕу оҕо саастарын оонньуурдарын көрөн – үөрэн, санаан, олус махтаммыттара.
Маннык түһүлгэлэри тэнитэр сыалтан Саха сирин улуустарыгар ыытыллар Республикатааҕы Олоҥхо ыыһыахтарыгар сахалыы оҕо түһүлгэлэрин тэрийсэн опыппытын тарҕаталлар. Ол курдук 2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар, 2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олонхо ыһыахтарыгар сылдьыбыттара. 2019 сыллаахха Санкт Петербург куоракка Аан дойдутаа5ы 2 фестивальга «Снежные узоры Якутии» выставканан кыттыбыттара, 2022 сыллаахха Москва куоракка Коломинскай музей паркатыгар ЯАССР 100 сылыгар Нам улууһа юбилейнай ыһыаҕар «Кун о5олоро» түһүлгэнэн кыттыыны ылан биһирэбил ылбыттара.
Быйыл 2024 сыл муус устар ыйга Москва куоракка ВДНХҕа «Россия»Аан дойдутааҕы выставка-форумугар Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ Протопопова Женя ситиһиилээхтик кытынна.
«Күн оҕолоро» түһүлгэбитин республикаҕа, Россия атын регионнарыгар туруоран оҕо-аймах, дьон олус сэргиир, биһириир. Инникитин республикабытыгар, ыһыахтыыр паркаларга маннык сахалыы оҕо түһүлгэтин туруоралларыгар ыҥырабыт уонна үлэлэһэргэ бэлэммит.
«Ийэ тылбыт-бар5а баайбыт»
саха тылын нэдиэлэтэ көхтөөтүк ааста
Олунньу 13 күнүн- Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн-Саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах учуонай-лингист төрөөбүт күнүн- көрсө оскуолабытыгар «Ийэ тылбыт-бар5а баайбыт» диэн саха тылын нэдиэлэтэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста. Нэдиэлэ буруонан ыраастаныы сиэринэн-туомунан, алгыстаах алаадьынан, бары о5олору учууталлары, үлэһиттэри күндүлээһинтэн са5аланна.
Сиэр-туом кэнниттэн А.С.Новгородовка,тыл үөрэхтээхтэригэр, саха тылыгар аналлаах кылаас чаастара ыытылыннылар. Олохтоох библиотека үлэһитэ Ларионова В.Н. Сир музейын үлэһитэ Протопопова С.Н., Никольскай алын сүһүөх оскуола учууталлара, Оҕо уһуйаанын уһуйааччылара интэриэһинэй кылаас чаастарын ыыттылар. Уһуйаан оҕолорун тереппүттэрэ Саха народнай поэт Семен Петрович Данилов Саха саҥата диэн хоһоонун ааҕан тэрээһини киэргэттилэр. Ону таһынан Уһуйаан оҕолоро Эриэппэ нуучча остуоруйатын сахалыы саҥардан тетрализованнай көрдөрүү туруоран сэргэхситтилэр.
Олунньу 13 күнүгэр «Таптыыр сахам тылынан» алын кылаас о5олоругар аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи акция буолан ааста, уопсайа 11 оҕо кыттыыны ылла.
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩Олкнньу ый 22 күнүгэр Никольскай нэһилиэгэр Е. И. Бубякина аатынан "Күндүл" норуот айымньытын дьиэтигэр Саха сиригэр пионерскай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир "Пионерия умнуллубат сырдык өйдөбүлэ" диэн ааттаах торжественнай линейка буолла. Тэрээһиннэ нэьилиэк тэрилтэлэрэ "Веснянка" оҕо уһуйаана заведующей А. П. Иванова, Никольскай начальнай оскуолата директор М. И. Шадрина, "И.С.Шарапов" аатынан сир музейа директор П. Р. Протопопова нэһилиэк библиотеката заведующей В. Н. Ларионова олохтоох администрация баһылык А. К. Кривогорницын нэһилиэк олохтоохторо активнай кыттыыны ыллылар. Линейканы "Ю.А.Гагарин" аатынан пионерскай отряд председатель Никольскай нэһилиэгин начальной оскуолатын директора М. И. Шадрина салайыылаах тэрээһини арыйда. Иккис отрядынан Богдан Мастов командирдаах "Полярная звезда" НСОШ -2 И. Д. Григорьева салайааччылаах киирдэ. Пионерскай знамяны күөрэччи тутан киллэрдилэр олохтоох дьаһалта улэһиттэрэ нэһилиэк баһылыгын: солбуйааччы С. И.Винокуров, сүрүннүүр специалист Е. Протопопова, барабанщик эдэр ыччат лидера А.Б. Кириллин. Салгыы ол кэмнэргэ төлөөннөөх октябреноктар, эрчимнээх пионердар, хорсун комсомоллар, патриот улэһиттэр Е. Р.Леонтьев- үлэ, тыыл ветерана, Саха Республикатыгар тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, Нам улууьун, Хамаҕатта нэьилиэгин "Ытык киһитэ", Л. Л. Охлопкова - үлэ ветерана, Никольскай нэһилиэгин " Ытык киһитэ", М. И. Шадрина - Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Никольскай нэһилиэгин "Ытык киһитэ" уонна ыалдьыт"Полярная звезда" поисковай отряд салайааччыта И. Д. Григорьева бэрт интириэһинэй ахтыы онордулар. Ахтыыны салайан ыытта нэһилиэк баһылыга А.К.Кривогорницын.
"100 лет Пионерии в ЯАССР" "И.С Шарапов аатынан музей уонна олохтоох библиотека, ыҥырыылаах ыалдьыттар " Полярная звезда" отряд "Трофеи поисковых работ олус интириэьинэй быыстапкалары туруордулар.
Торжественнай линейка "Взвейтесь кострами"пионерскай гимынан түмүктэннэ. " Торжественнай линейканы уус- уран салайааччы К. К. Герасимова, нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ В. Н. Ларионова илээн-саҕалаан ыыттылар,музыкальнай фоннары онордо хормейстер М. К. Олесова. 🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
23 ноября – 115 лет со дня рождения Николая Николаевича Носова (1908–1976) — русского советского детского писателя, прозаика, киносценариста, драматурга. Рассказы Николая Носова — весёлые, поучительные, динамичные, насыщенные неожиданными комическими ситуациями. Написанные в послевоенные годы, они до сих пор не потеряли своей актуальности. Уважаемые читатели! Предлагаем Вам принять участие в онлайн викторине, вспомнить произведения Николая Носова и их озорных героев.
М.Е. Николаев
13 ноября – День рождения Первого Президента РС(Я) Михаила Ефимовича Николаева
Михаил Ефимович видный государственный, политический и общественный деятель Российской Федерации и Республики Саха (Якутия).
Его имя входит в когорту известных региональных лидеров России, внесших большой личный вклад в дело сохранения единства Российской Федерации, строительство федеративного государства на основе конституционно-договорных отношений в период становления суверенного Российского государства.
«Эн, Комсомол, мин дьолум!» — бу чахчы үчүгэйгэ угуйар тыллары аҕам саастаах дьоммут олус астына-дуоһуйа истэллэр. Сэбиэскэй кэм саҕана комсомоллар хамсааһыннара олус күүстээҕэ, этэргэ дылы, хайаны да түҥнэри көтөр кыахтаахтара. Бүгүн — Комсомол төрүттэммит күнэ! Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк библиотекатын атыттан аҕам саастаах дьоммутун ис сүрэхпититтэн комсомол күнүнэн итиитик-истиҥниҥ эҕэрдэлиибит!
«Аата ааттанар, ырыата ылланар» онлайн-викторина по творчеству и жизни П.А.Ойунского, посвященный к 130-летию со дня рождения
Платон Алексеевич Ойунский — удивительно разносторонний, талантливый человек. Он был выдающимся поэтом, прозаиком, драматургом, фольклористом, лингвистом, государственным, политическим деятелем. Он умел сочетать огромную общественную и государственную деятельность с кипучей творческой деятельностью. Предлагаем школьникам и их родителям, и тем кому интересна жизнь и творчество П. А. Ойунского пройти онлайн-викторину, посвященную к 130-летию со дня рождения Платона Алексеевича Ойунского "Аата ааттанар, ырыата ылланар" Приятного прохождения онлайн-викторины. Удачи!
Из поколенья в поколение в народе так ведётся,
История страны из уст в уста передаётся,
День Октябрьской Революции сегодня отмечаем мы,
Величен и велик образ истории страны.
С праздником Октябрьской Революции хочу я
Вас поздравить, Много счастья и удачи пожелать,
Здоровья крепкого, уюта и тепла,
В добре и мире жить, никогда не унывать.
Поздравляем с Днем матери и Днем отца!
Женская мудрость, любовь и нежность - то, что помогает нам вырастать и становиться теми, кто мы есть. Мамы - наша тихая гавань, надёжный тыл и поддержка. На протяжении всей жизни материнская вера, забота и ласка - источник силы как в детстве, отрочестве, так и во взрослом возрасте.
Огромная вам благодарность и почёт за вложенные силы и безусловную любовь! От души желаем всем мамам крепкого здоровья! Мамы для нас всегда самые красивые, самые драгоценные и родные! Счастья, благополучия и долгих лет жизни!
Быть отцом – непростая задача, это значит нести постоянную ответственность. Но также это значит всегда быть любимым и нужным. Для сыновей отец – пример для подражания и герой, для дочерей – гордость и идеал мужчины. Вы для семьи опора, мудрый советчик, спокойная уверенность и надежность. Спасибо, что вы есть!
Пусть всегда вас окружает забота и уважение детей, согревает любовь близких. Чтоб сердце было вечно молодым, а разум ясным. Здоровья, процветания и достатка!
Библионочь - 2023
23 мая 2023г. Никольская модельная сельская библиотека присоединилась к Всероссийской акции «Библионочь-2023»
"БИБЛИОПИКНИК"
Библиотека оформила книжную выставку «Народы Якутии». Мероприятие открыли с обряда «Алгыс». Для детей Никольской начальной школы праздничное мероприятие начали с соревнования по якутским настольным играм «Кун о5олоро». В якутском балагане Ветеран труда Осипова Валентина Васильевна показала демонстрацию приготовлении якутской национальной блюды саламат и оладьи на комельке в углях . Колесова Екатерина Романовна ветеран нашей библиотеки провела обряд кумысопития. Гости нашего мероприятия члены народного ансамбля «Дьурул» Мария Аргунова и Татьяна Афанасьнва провели мастер класс на инструменте хомус. Так же наши гости в конце мероприятии украсили праздник древним танцем осуохай.
"БИБЛИОПОЛЕ"
26 мая С годом Труда в РС(Я) провели совместно с Никольским музеем землепользования им. И.С. Шарапова «Посев зерновых». Библиотекарь нашего села провела квиз-игру «Хлеб-всему голова»для учеников 3 класса Хатын-Арынской школы, классный руководитель Людмила Васильевна Винокурова. Работники музея провели урок истории «Посев в Никольской слободе» и демонстрировали посев по старой методике вручную. В якутском балагане провела чаепитие у самовар с оладушкой из тагана камелька ветеран нашего села Осипова Валентина Васильевна. После чаепития Валентина Васильевна украсила мероприятие древнейшим эпическим искусством якутов олонхо "Кулун Куллустуур" Теплоухов-Тимофеев И.Г. Гости из Хатын-Арынской школы в знак благодарности выступали музыкальными номерами и подарили саженец бузины. Танцевали хоровод символ всеобщего единения детей «Кончил дело - гуляй смело».
24 мая в Никольской модельной сельской библиотеке прошла пятая сетевая акция #Силакниги, посвященная Году педагога и наставника в России.
В этом году в качестве чтеца выступил Отличник культуры РС(Я) библиотекарь Семенова Сардана Николаевна.
В акции приняли участие учащиеся Никольской начальной общеобразовательной школы. Сарадана Николаевна прочла отрывок из книги Сергеева Леонида Анатольевича "Первый урок". С детьми поговорили на тему чтения, как чтение может помогать не только в учебе, но и в жизни в целом. В завершении мероприятия Сардане Николаевне был вручён сертификат чтеца.
Благодарим всех участников акции, желаем, чтобы чтение всегда было частью вашей жизни!
Ыам ыйын 15 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыгар, Н.С.Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназия саха тылын уонна литературатын учууталларын холбоһугун кытта, 3-6 кылаас төрөппүттэригэр “Сахалыы ааҕар дьиэ кэргэн” күрэҕэ ыытылынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн Елизавета Дмитриевна, Виктория, Андрей Герасимовтар кыттыыны ылан 2 миэстэни ситистилэр.
Күрэх балаһыанньанан 4 түһүмэхтэн турда: 1 түһүмэх Дьиэ кэргэн ааҕыытын туһунан видеоролик, (дьиэтээҕи сорудах), 2 түһүмэх бэриллибит хоһоону оҕо дорҕоонноохтук ааҕар, төрөппүттэр саха суруйааччыларын
айымньыларыттан ааҕаллар, 3 түһүмэх «Отонноотоххо оҥоойук туолар“ кыттааччылар 10 ыйытыыга хоруйдууллар, 4 түһүмэх Оонньоон көрдөрүү (инсценировка). Дьиэ кэргэн сөбүлээн ааҕар айымньытыттан быһа тардан оонньоон көрдөрөр – финал. Хас түһүмэх ахсын дьүүллүүр сүбэ тута түмүк балларын таһааран истилэр, ол түмүгүнэн финалга 2 үрдүк баллаах кыттааччы хаалан “Учуутал” туһунан саха суруйааччыларын айамньыларыттан — кэпсээннэртэн талан ылаат тута ааҕыыларын түмүгүнэн кыайыылаах тахсан кэллэ.
Сиһилии сигэни баттаан аах.
Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, Киин библиотека конференц саалатыгар улуустааҕы сылын аайы ыытыллар эр дьон ортотугар “Дорҕоон түһүлгэтэ” диэн сахалыы дорҕоонноохтук уус – уран ааҕыы күрэҕэ буолан ааста. Биһиги нэһилиэкпититтэн Протопопов Захар Николаевич кыттыыны ылан 3 миэстэни ситистэ.
Күрэх балаһыанньанан 5 түһүмэхтэн турда: 1 түһүмэх – прозаны ааҕыы, 2 түһүмэх – хоһоон, 3 түһүмэх – научнай ыстатыйа, 4 түһүмэх – дьүүллүүр сүбэ сорудаҕа, талан ылбыт темаларыгар 5 мүн. иһигэр кыттааччылар хоһоон айдылар, уонна бүтэһик 5 түһүмэх – финал. Хас түһүмэх ахсын дьүүллүүр сүбэ тута түмүк балларын таһааран истилэр, ол түмүгүнэн финалга 2 үрдүк баллаах кыттааччы хаалан “Учуутал” туһунан саха суруйааччыларын айамньыларыттан — кэпсээннэртэн талан ылаат тута ааҕыыларын түмүгүнэн кыайыылаах тахсан кэллэ.
Сиһилии сигэни баттаан аах.
25 января в нашей стране наравне с днем Татьяны, отмечается день студенчества. Появления этого праздника связано с созданием Московского Университета. Проект этого университета был разработан самим Михаилом Ломоносовым, а граф Шувалов стал попечителем. Именно благодаря ему, императрица Елизавета Петровна подписала указ об учреждении университета. Произошло это в 1755 году. С тех пор, святая Татьяна является покровителем всех студентов и педагогов, помогая им в учебе и постижению наук.
16 ноября во всём мире отмечается Международный день толерантности.
Понятие ТОЛЕРАНТНОСТЬ имеет свою историю: На рубеже XVIII-XIX веков во Франции жил некто Талейран Перигор, князь Беневентский. Это был человек, талантливый во многих областях, но, несомненно, более всего - в умении учитывать настроения окружающих, уважительно к ним относиться, искать решение проблем способом, наименее ущемляющим интересы других людей. И при этом сохранять свои собственные принципы.
Термин толерантность объясняется как терпимость, стремление и способность к установлению и поддержанию общения с людьми.
А что значит - быть терпимым? Это значит: уметь прощать, принимать людей такими, какие они есть, уметь признавать свои ошибки, понимать других, допускать, что другие люди могут думать, жить по-другому, чем ты.
Приглашаем принять участие в интерактивной игре, приуроченной ко Дню толерантности.
«Синоним или антоним». Распределите слова на 2 группы
Соберите из букв имя философа.
Распределите эмодзи на 2 группы.
Эн комсомол мин дьолум
Комсомол, комсомол,
Эн ыстаал кэккэҕэр үүнэбин.
Бу улуу көҥүл дьол
Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин
Аалай уоттаах сулуһуҥ
Айар, тутар суолдьутум,
Эн комсомол, Эн комсомол,
Эн комсомол—мин дьолум.
Ыар-курус чаастарбар
Олоҕум доҕоро буолаҥҥын
Мин ыраас дууһабар
Уоспат күүс төлөнү уматтыҥ.
Комсомол, эн эрэ
Кылбайар кырдьыккын хоһуйсан
Мин дьоллоох соргулаах
Ол о5ум эйиэхэ ананар.
"ААЛАЙ УОТТААХ СУЛУҺУМ"
комсомол күнүгэр аналлаах онлайн-викторинаҕа киирэн бэйэҕитин тургутунун.
"Не имеем права пресекать голос гражданина, так как это явление временное. Придет время, когда люди сами поймут, кто был прав, а кто был не прав. Терпеть и вынести правду жизни - это удел прогрессивных реформаторов." М.Е. Николаев.
Дорогие друзья! Предлагаем вам разгадать кроссворд, посвящённый к Дню Государственности РС(Я).
Тест "Основатели Якутской республики"
Ыам ыйын 22 күнүттэн саха халандаарынан сайыҥҥы күн ааҕыллар. Саха дьоно уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр сайын бастакы күнүгэр алаадьы астаан сири-уоту аһаталлар, Айыылартан өҥ дьыл буоларыгар көрдөһөллөр, буруо-тараа таhааран ыраастаналлар.
Саха суруйааччыларын айымньыларынан “Сайылык” тест-викторинаҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Человечество с глубокой древности стремилось к звездам. У древних греков был миф об Икаре, который на крыльях из воска и перьев пытался долететь до Солнца, но воск растаял, Икар погиб.
В России мысль о возможности полета в космос впервые высказал Константин Эдуардович Циолковский.
Он всю жизнь проработал учителем физики и математики, а в свободное время конструировал ракеты и двигатели к ним.
Эстафету у Циолковского принял Сергей Павлович Королев.
Онлайн викторина "Зажги свою звезду"
Муус устар 1 күнүгэр — Көтөрдөр күннэрэ диэн аатынан — аан дойдуга сыл аайы бэлиэтэнэр экологическай бырааһынньык. Бу күнү бастаан 1894 сыллаахха Америкаҕа бэлиэтиэхтэриттэн Европаҕа тиийэ тарҕаммыт. Билиҥҥи кэмҥэ ЮНЕСКО “Киһи уонна биосфера» диэн программатын чэрчитинэн ыытыллар. ССРС-гар 1926 сыллаахтан бэлиэтэнэр буолбута. Сүтэ сылдьан баран 1994 сыллаахтан иккис тыынын ылбыта.
“Ыллаабыта чыычаах” тургутукка киирэн оонньоон, билиигитин тургутан көрүҥ.
Саха итэҕэлинэн тохсунньуга – Таҥха Хаан чугаһыыр кэмэ. Таҥха алгыһын этэн киһи күүс ылыан сөп.
Таҥха биир өйдөбүлэ – Билгэ буолар. Таҥха Хаан киһи дьылҕатын туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн, инникилэрин торумнанан, ол эбэтэр, билэ, көрө сатыыллара: үөрэх быраҕаллара, бүлгэс сүүрдэллэрэ, ойбон иһиллииллэрэ, уо.д.а. оонньуулары тэрийэллэрэ.
Олоҥхо - древнейшее эпическое искусство якутов (саха). Занимает центральное место в системе якутского фольклора.
Приглашаем принять участие в ОНЛАЙН - викторине «Олонхо-героический эпос народа Саха», посвященной ко дню Олоҥхо.
Слово «энциклопедия» появилось в Греции и означало «инструкции на все случаи жизни». В современный язык это слово ввел Томас Эллиот в 1538 году, расшифровав смысл слова как «книга, объясняющая все известные науки и предметы».
Хотя сам термин «энциклопедия» вошёл в обиход только в XVI веке, энциклопедические труды известны с древних времён.
Словарь – это книга, в которой дается информация о произношении, истории слова, особенностях его употребления и значении. Много разных сведений можно получить из словарей, поэтому и говорят: «Словарь – твой друг, без него, как без рук».
По горизонтали:
2. Этот композитор написал оперу Иван Сусанин
5. Фамилия костромского крестьянина, который пожертвовал своей жизнью, спасая царя
7. В каком городе, кроме Нижнего Новгорода, установлен памятник Минину и Пожарскому
9. Как назывались призывы народа на борьбу с захватчиками, написанные патриархом Гермогеном
10. Как по-другому назывались захватчики поляки и шведы
11. Имя князя Пожарского
13. Имя первого царя из династии Романовых
По вертикали:
1. С кем сражались русские воины во главе с князем Д. Пожарским
3. Имя Минина
4. Чем для нас является Россия
5. Как называют Лжедмитрия
6. Как на Руси назывались жители городов
8. Кто изображен на иконе, с которой вошли Минин и Пожарский в освобожденную войну
12. Поэт, который прославил подвиг Ивана Сусанина
Это праздник нашего народа и нашей Родины. Глубокий смысл заложен в этом празднике. Вспомним, что нам известно о нём решив кроссворд.
Широка страна моя родная
Всех поздравляем с Днем России!
Всю необъятную страну!
Пусть небо будет синим-синим
Все триста с лишним дней в году!
И будет жизнь всего народа
Цветущей, без следов войны.
Растет пусть, крепнет год от года
Оплот огромнейшей страны!
Пусть отправляет каждый славный
Сейчас друг другу поздравок.
Несет пусть гордо мальчик малый
Трехцветный Родины флажок!
Оҕо көмүскэлин күнэ
"Умнуллубат оҕо саас"
Сүүрэр-көтөр туллуктар,
Өрө дайар лыахчааннар,
Кыталыктыыр кыргыттар
Көрүлүүллэр тэлээрэ.
Бойборуһар Боотурдар,
Хорсун хоодуот Хотойдор,
Буурдаан өрө көтөллөр
Бөкүнүһэн ылаллар.
Күҥҥэ тэҥнээх көмүстэр
Күөрэгэйдиир чыычаахтар,
Көрү-нары тартылар
Күлэн-үөрэн тэйдилэр.
Мэник-тэник оҕо саас,
Ойуоккалыыр ойор саас,
Оһуор тэбэр кэрэ саас,
Умнуллубат оҕо саас.
Кэрэ кэмнэр кэллиннэр
Кэрэхсэтэ үөртүннэр,
Кэнэҕэски ыччакка
Кэрэни үксэттиннэр.
Тупсууна. Нам
Онлайн викторина
Ыам ыйын 18 күнэ-Ньургуһун күнэ!
Уважаемые посетители нашего сайта, сердечно поздравляем вас с
Днем Великой победы!
Предлагаем вам проверить свои знания, о Великой Отечественной войне, пройдя нашу викторину.